30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Ыам ыйын 12 күнэ. Сиэстэрэ аан дойдутааҕы күнэ. Бикипиэдьийэҕэ аах

09:01, 12 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 12 күнэ — медицина эйгэтигэр үлэлиир сиэстэрэ аан дойдутааҕы күнэ. 1965 сылтан бэлиэтэнэр. 1974 сыллаахтан аан дойдуга ыарыһахтары уонна бааһырбыттары көрүүнү-харайыыны төрдүттэн уларыппыт Британия уопсатыбаннай диэйэтэлэ Флоренс Найтингейл төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута, диэн Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павлов — Халан быһаарарн суруйар.


🔹1797 — Венеция салалтата генерал Бонапарт ультиматумун ыларга күһэллибит — Венеция өрөспүүбүлүкэтэ суох буолбут.

🔹1926 — Польшаҕа переворот буолбут, Польша урукку Начальнига (1918-22 сс. дойду баһылыга), кэлин аармыйа генштабын салайааччыта, маршал Пилсудскай былааска төттөрү кэлбит, авторитарнай режими олохтообут.

🔹1977 — «Якуталмаз» Холбоһук генеральнай дириэктэригэр Лев Солдатовка (19.12.1918—30.11.1997) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.

🔹1997 — Анаабырга Тэрпэй Тумус эркээйи сир тэриллибитэ.

🔹2005 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын № 270 уурааҕынан Өрөспүүбүлүкэ мэҥэлэрин испииһэгэ бигэргэммит. Онно 187 эбийиэк киирбит: мэҥэлэр — 83, куорат скульптууралара — 28, устуоруйа уонна архитектура мэҥэ дьиэлэрэ — 76

🔹2006 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ «Олоҥхо уон сылын бэлэмниир уонна уонна ыытар туһунан» дьаһал таһаарбыт.

🔹1974 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ Мэҥэ I Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх ырыаһыт, РСФСР норуодунай артыыһыгар АЯ Яковлеваҕа уонна Амма Аччыгыйын айар үлэтин чинчийиитин иһин Үөһээ Бүлүү Сургулуугуттан учуонай Гавриил Боескоровка анаммыт.

🔹1991 — Михаил Горбачёв уонна Борис Ельцин саҥа Союзнай дуогабары түһэрсэр туһунан сөбүлэспиттэр.

🔹1997 — Москубаҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Ичкерия бэрэсидьиэнэ Аслан Масхадовы кытта эйэ уонна сыһыаннаһыы тосхоллорун туһунан дуогабар түһэрсибит.

Төрөөбүттэр:

🔸1925 — Уус Алдаҥҥа сэрии кэмигэр хоргуйууну чинчийбит кыраайы үөрэтээччи Николай Орлов Бороҕон улууһун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүт.

🔸1933 — Дмитрий Максимов (01.10.1995 өлб.) — искусствоведение хандьыдаата.

🔸1938 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар Чэриктэй нэһилиэгэр уустук дьылҕалаах бэйиэт Василий Саввин.

🔸10 сыл Красноярскай кыраай Эбэҥки уокуругар олорон сахаларга учууталлаабыт учуонай Владимир Егоров Ньурба оройуонун Кукаакы нэһилиэгэр төрөөбүт.

Өлбүттэр:

🔹1935 — сөргүтүллүбүт Польша бастакы баһылыга Юзеф Пилсудскай. Бу киһи соратнигынан сахалары чинчийбит учуонай Вацлав Серошевскай буола сылдьыбыта.

🔹1942 — Николай Бубякин, ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1929—1929 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ.

🔹1943 — Төлөйтөн төрүттээх байыаннай топограф Петр Захаров бааһыран госпитальга өлбүт. Кэргэнигэр нууччалыы суруйбут суругар цензура сахалыы сурукпун аһарбат быһыылаах, ирдэһэн бул диэбит.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Боескоров_Гаврил_Ксенофонтович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_12

https://sah.wikipedia.org/wiki/Саввин_Василий_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Тэрпэй_Тумус_(эркээйи_сир)

https://sah.wikipedia.org/wiki/I_Тыыллыма_нэһилиэгэ

https://sah.wikipedia.org/wiki/Юзеф_Пилсудскай

https://sah.wikipedia.org/wiki/Захаров_Петр_Иванович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Егоров_Владимир_Николаевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Тихонова_Елизавета_Никоновна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Максимов_Дмитрий_Кузьмич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА