Өлүөхүмэ улууһун Троицкай нэһилиэгэр СӨ ситэриилээх былааһын отчуотугар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, тыа сирин олоҕор-дьаһаҕар сыһыаннаах ыйытыылар киирдилэр, диэн Саха сирэ суруйар.
«Аныгы ыччат кырачаан сааһыттан сахалыы саҥарбакка улаатар, саха тыла биһиэхэ тоҕо биридимиэт быһыытынан үөрэтиллибэтий? Учууталлар оҕолору улаханнык мөҕөллөрө-этэллэрэ да көҥүллэммэт буолла. Оҕолор олус көҥүл улаатан, үлэлиэн да баҕарбат буоллулар» — диэн олохтоох киһи кэлэр кэскилбит туһугар долгуйарын биллэрдэ.
Хата, нэһилиэккэ успуорт саалата баар буолан, успуорка ситиһиилээх оҕолор бааллара үөрдэр.
Нэһилиэнньэни түмэргэ, араас хайысханан үлэлииргэ усулуобуйа суоҕун ыйан туран, нэһилиэк киинигэр быраҕыллан турар урукку маҕаһыын дьиэтин кулууп дьиэтигэр уларыта тутар баҕалаахтар. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киллэриэххэ сөбүн эттилэр. Хас нэһилиэк аайы кыһыҥҥы суол, «Умнас» массыына суолун туһунан ыйыттылар. Манна даҕатан эттэххэ, инникитин өлүөхүмэлэр үс хайысханан айанныыр кыахтаахтар: Өлүөхүмэ — Ленскэй, Өлүөхүмэ —Дьокуускай, Өлүөхүмэ — Сунтаар.
Өрүс уҥуор сытар Троицкай биир сүрүн кыһалҕата — балыыһа өрөмүөнэ. Биир эмит эдэр исписэлиис кэлэн иһэн, аҕыйах хоноот, төннөр. Үлэлиир, нэһилиэнньэни көрөр-истэр усулуобуйа суох. 1990-с сылларга тутуллубут дьиэ тымныы, испиэскэ сыбах да абыраабат эбит. Онон, ыаллыы сытар Заречнайтан биэлсэр нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн ыарыһахтар доруобуйаларын бэрэбиэркэлиир. Бу балыыһа өрөмүөнүн боппуруоһа отчуот бырагырааматыгар киллэрилиннэ. Чөкө бэйэлээхтик түөлбэлээн олорор нэһилиэк кыра хочуолунайдааҕа буоллар, олохтоохтор абыраныа эбиттэр.
«Быйыл сааскы, сайыҥҥы ыҥырыы ардахтар сир-уот, оҕуруот учаастактара ууга былдьаналларыгар төрүөт буоллулар быһыылаах», — диэн дьаахханар санаалар иһилиннилэр. Ол эрэн, отчуокка Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буоларын хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Яна Наумова быһаарбытынан, былырыын ыҥырыы ардахтар (искусственнай) Өлүөхүмэ улууһугар ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйын саҥатыгар кырыһы сиигирдэр соруктаах эрэ түһэриллибиттэрэ, онон сир-уот ууга барарыгар дьайар кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, ыҥырыы ардах чопчу түспүт сиригэр эрэ, ону да кыра бириэмэҕэ эрэ түһэр. Онтон быйыл саас улуус халаан уутугар бэлэм буолара наадата этилиннэ. Онуоха тустаах министиэристибэ, кэмитиэт мониторинг ыытыахтара.
Отчуот түмүгэр Иван Алексеев олохтоорго көхтөөх кыттыыларын иһин махтанна, боротокуолга киллэриллибит боппуруостар бары тута буолбакка, 2-3 сылынан олоххо киллэриллиэхтэрин сөбүн туһунан быһаарда.