22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук хоту бастакынан ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаммыт Игнатий Слепцов сүбэлэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Игнатий Слепцов Саха сирин биллиилээх ыҥырыаны иитээччи Евгений Поличкоҕа икки ыйдаах ааҕыы кууруһугар күөрэммитэ. Бу сыл биэс ыҥырыа дьиэ кэргэнин 20 күн устата Дьааҥы саамай уһук нэһилиэгэр Барыласка илдьэн ииппитэ. Инньэ гынан, хоту, Арктика эрэгийиэнигэр ыҥырыаны ииппит бастакы киһинэн буолар.


Ханнык баҕарар үлэ кэккэ ыарахаттардаах. Ол курдук, ыҥырыаны иитии эмиэ “сүрэхтээх” киһи үлэтэ.

Игнатий Слепцов: «Үгүс күчүмэҕэйдээх үлэ. Сороҕор уйалар эрэ тураллар, ыҥырыалар мүөт хомуйа көтөллөр курдук көстүөн сөп. Ол эрээри, оннук буолбатах. Барыта кэтэбиллээх, кэккэ бириэмэнэн оҥоһуллар. Ыҥырыанан сылаас соҕуруу дойдуларга табыллан дьарыктаналлар. Оттон биһиэхэ килиимэппит уратылааҕа олус улахан оруол­лаах. Кичэллээх көрүү-истии ир­дэнэр«, – диэн этэр.

Кини этэринэн, Саха сирин ыҥырыатын мүөтэ сир ахсын ура­ты буолар. Сорох сиргэ сырдык, хараҥа, атын сиргэ хойуу, убаҕас. Ыҥырыа турар сирин айылҕатыттан улахан туту­луктаах. Ыҥырыа мүөтэ атырдьах ыйын 14 күнүттэн ситэр. Ол иннинэ ылыллыбыт мүөт сиппэтэх мүөккэ киирсэр.

«Мүөппүтүн атырдьах ыйын 14 күнүттэн саҕалаан хомуйбутунан барабыт. Мүөттээх араама 100% маҥан хаҕынан бүрүөһүннэммит буоллаҕына сиппит дэнэр. Оннук бүрүллү­бүт мүөт хаһан да буорту буол­бат. Аны туран, уйаттан мүөттээх арааманы олоччу ылар көҥүллэммэт. Алта киилэ мүөт хайаан да хаалыахтаах. Онон ыҥырыалары кыыһырды­бат туһуттан, уйа аайыттан 2-3 арааманы хомуйабыт. Сорох араама 5 кии­лэ буолар. Бу арааманы эргитэн 3-4 кии­лэ мүөтү ылаҕын. Мүөтү эргитэргэ анал оҥоһуулаах медогонка диэн атыыланар. Бу медогонкаҕа сылаас күҥҥэ, ол эбэтэр сылаас дьиэҕэ эргитиллэр«, — диир .

Ыҥырыаны иитээччи сүбэлииринэн, кыстыкка анал дьиэ бэлэмнэнэр. Онно улахан доргуур, тыас-уус суох буолуохтаах. Та­һырдьа 15 кыраадыс тымный­да да, кыстыыр дьиэҕэ киллэриллэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ олох эр­дэт­тэн бэлэмнээһин үлэтэ ыытыллар. Күһүн атырдьах ыйын бүтэһигэр сироп оҥорон, ону хомуйтараҕын, биир уйаҕа 20-25 киилэ сироп хомуллуох­таах. Бу сироптарын ыҥырыалар оҥорон (инвертируйдаан) мүөккэ кубулутуохтаахтар. Ол иһин атырдьах ыйын ортотуттан да эрдэ саҕалыыр сөп. Кыстык кэмигэр ыҥырыалар кулууп диэ­ни тэринэллэр. Ол аата төгүрүк, ньолбуһах мээчик курдук быһыылаахтык бары бөлөхтө­һөн сылдьаллар. Манна ийэ ыҥырыаларын бу кулууптарын иһигэр илдьэ сылдьаллар. Тоҥмут ыҥырыа иһирдьэ киирэр, ирбит тахсар. Ол курдук, сыл устата бэйэ-бэйэлэрин сылаас­тарынан кыстыыллар. Кыс­тыыр температуралара -5, +2 кыраадыс икки ардынан буо­луох­таах.

«Саас ыам ыйын бүтэһигиттэн, атырдьах ыйын бүтүөр диэри, онтон кыстыкка бэлэм­нэнии саҕаланар. Атырдьах ыйын бүтэһигиттэн “падевай” мүөтү – үөн-көйүүр, от-мас сүмэһинин хомуйуохтарын сөп. Бу маннык күһүҥҥү мүөт доруобуйаҕа ордук туһалааҕынан биллэр«, – диэн Игнатий бэйэтин билиитин-көрүүтүн кэпсиир.

Саха сиригэр мүөт атыыга барар сыаната араас эбит. Холобур, билигин атыылааччылар былырыыҥҥы сыананан киилэтин 1500 солкуобайга биэрэллэр. Онтон сорохтор 3000 солкуобайга тэҥнииллэр. “Ол эрээри, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксу­йатын үрдүктүк тутуохтаахпыт, Саха сирин мүөтэ биир бастыҥ бородууксуйанан бил­лиэхтээх”, – диэн эдэр пчеловод санаатын үл­лэстэр.

Ыҥырыаны тиэйиигэ кэккэ ыарахаттар бааллара биллэр. Игнатий Приморьеҕа 35, Хабаровскай кыраайга 40 сыл ыҥырыаны иитиинэн дьарыгырбыт улахан уопуттаах пчеловодтары кытта билсэр. Онон кинилэр сүбэлэринэн-амаларынан бэйэтэ көрөн-истэн, ылан кэлэр. Былырыын уонна быйыл аҕа­лан тарҕаппыта. Былырыын аҕалбыт ыҥырыаларын сороҕо кыстыгы туораабыттара, онон быйылгылар да көрүүтүн-истиитин таптахха, кыстыгы этэҥҥэ туоруох­тарын сөп. Игнатий ыҥырыанан дьарыктанар биир киһи холугар 30 уйаны иитии табыгастааҕын ыйар. Урукку кэмҥэ биир киһиэхэ 70 уйа­ны аныыллар эбит. Оттон анаан-минээн ыҥырыанан эрэ дьарыгырар киһи 100 уйа­ны көрүөн сөптөөх.

Ыҥырыаны иитээччилэр Саха сирин кыһына тымныыта бэрдиттэн кыстыкка улахан ыара­хаттары көрсөллөр. Онуоха Игнатий Слепцов ааспыт кыһын оруобуна 10 сыыһаны бэлиэтэммит. Ити курдук, сылын ахсын сыыһаларын көннөрүнэн истэҕинэ, кыстыгы үчүгэйдик туораан, сайдыы суолугар үктэнэр кыахтаах. Онтон аны сайынын курааннаан, быйыл ыҥырыаларын Аллараа Бэстээххэ өрүс хочотугар сибэккилээх сиргэ көһөрөн туруорбута.

Ааптар: Ольга Шепелева, Уус Алдан, @muru.sahargata

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА