Ыстаапка уонна иэс муҥутуур суумата билигин оҕо ахсааныттанр уонна дьиэ кэргэн олорор эрэгийиэниттэн тутулуктаах. Саҥа быраабылалар 2026 сыл алтынньы 1 күнүттэн бэриллибит сойуомнарга эрэ сыһыаннаахтар.
Киин куораттар эрэгийиэннэригэр (Москва к., Санкт-Петербург к., Москва уонна Ленинград уобаластара):
— 5 уонна онтон элбэх оҕолоох — 18 мөл. солк. 4%-наах
— 4 оҕолоох — 18 мөл. солк. 6%-наах
— 3 оҕолоох — 18 мөл. солк. 8%-наах
— 2 оҕолоох — 15 мөл. солк. 10%-наах
— 1 оҕолоох — 12 мөл. солк. 12%-наах
Атын эрэгийиэннэргэ:
— 5 уонна онтон элбэх оҕолоох — 10 мөл. солк. 2%-наах
— 4 оҕолоох — 10 мөл. солк. 4%-наах
— 3 оҕолоох — 10 мөл. солк. 6%-наах
— 2 оҕолоох — 8 мөл. солк. 8%-наах
— 1 оҕолоох — 6 мөл. солк. 10%-наах
Ипотеканы туһаныыга саатар биир оҕо сааһа 7-тэн кыра буолуохтаах.
Чааһынай дьиэни тутууга эбэтэр сири атыылаһарга, салгыы дьиэ туттарга ыстаапка оҕо ахсааныттан уонна эрэгийиэниттэн тутулуга суох 6% хаалыаҕа.
Маны таһынан сойуом субсидиятын муҥутуур болдьоҕо киллэриллэр — 15 сылга диэри.



