22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыа сиринээҕи кулууп дьиэлэрин тэрээһинтэн киирэр харчы нолуогуттан босхолуохтарын сөп

19:11, 15 февраля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дэриэбинэ кулууптарыгар тэрээһинтэн киирбит харчыны  нолуоктан босхолуурга этии киллэрдилэр. Маннык сокуон барылын Госдума профильнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Ямпольская салайааччылаах депутаттар бөлөхтөрө бэлэмнээтэ, диэн «Парламентская газета» иһитиннэрдэ.

Госдума профильнай кэмитиэтин депутаттара  саҥа бырайыактарыгар, тыа сирин дьиэлэрин уонна култуура дыбарыастарын, ону сэргэ тыа кулууптарын тэрээһинтэн киирэр харчы нолуогуттан  босхолуурга этии киллэрдилэр. «Бу дэриэбинэҕэ олус наадалаах дьаһал«, диэн кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Певцов үллэстэр.

«Сокуон барылыгар статистика сыһыарылынна, онно дойду үрдүнэн билигин алта мөлүйүөнтэн тахса үлэһиттээх, 41,5 тыһыынча сынньалаҥ тэрилтэтэ үлэлии турарын туһунан сурулла сылдьар», — диэн депутат бэлиэтээтэ.

Ол эрээри,  тыа сирин ДК-ларыгар эрэ буолбакка, куорат култуураларын дьиэтигэр көмөлөһөр эмиэ оруннааҕын чопчулаата. «Салгыы куорат кулууптарыгар эмиэ итинник көннөрүүлэр ылыллыахтара диэн эрэнэбин», — диэтэ депутат.

Тыа сирин кулууптарын сайыннарыыга үгүс идеялар бүддьүөт суоҕуттан сылтаан сатаан олоххо киирбэттэр. «Уопсайынан, бүддьүөт тыырааһына судаарыстыба туохха ордук болҕомто уурарын ыраастык көрдөрөр, диэн Дмитрий Певцов чопчулаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА