22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тускул: «Ыам ыйа хаардаах ардахха «төрөөтө»

17:02, 01 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Урукку сылларга ыам ыйыгар күп-күөх халлааҥҥа сырдык күн чаҕылыйан, сааскы бырааһынньыгы уруйдаан-айхаллаан көрсөр эбит буоллахпытына, быйылгы ыам ыйа хаардаах ардахха «төрөөтө». Ыам ыйын бастакы күннэригэр хайдах күн-дьыл буолуоҕун туһунан Тускул билгэлээтэ.


Күнү-дьылы билгэлээччи Тускул:

— Киин улуустарга ыам ыйын 5 күнүгэр диэри тымныы -5 кыраадыска тиийиэҕэ. Алта чыыһылаттан халлаан көнөн, сылыйара күүтүллэр. Ол эбэтэр, күнүс +10 кыраадыс буолуоҕа.

Бүлүү бөлөххө ыам ыйын 1 күнүгэр -5 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Ыам ыйын 4 күнүгэр диэри манна — хаар, ардах. Бу иннинэ сылыйан аҕай турбут күн-дьыл эмискэ тымныйда.

Ыам ыйын 5 күнүттэн халлаан туруга көнөн барыаҕа. Манна эмиэ +10 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Уопсайынан, ыам ыйын 1 күнүгэр улуус аайы халлаан «буккуллар». Ол курдук, Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарыгар +15 кыраадыс сылыйа турбут буоллаҕына, ыам ыйын 1-кы күнүгэр -5 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа.

Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ ыам ыйын 1-кы күнүгэр түүн -10 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, күнүс -3 кыраадыс тымныы. Бу улуустарга эмиэ ыам ыйын 5 күнүттэн халлаан туруга көнүөҕэ.

Өймөкөөҥҥө түүн -10 кыраадыс тымныы. Күнүс +1 кыраадыс сылаас буолуоҕа. Ыам ыйын 3 күнүттэн сылыйыаҕа. Өймөкөөннөрү +7 кыраадыс сылаас буолан үөрдүөҕэ.

Дьааҥыга ыам ыйын бастакы күннэригэр — хаар, ардах. Халыма-Индигиир улуустарыгар -5 кыраадыс тоҥоруоҕа. Ыам ыйын 4-5 күннэригэр сыыйа сылыйыаҕа.

Өлөөҥҥө ыам ыйын 1 күнүгэр түүн -15 кыраадыс тымныйыаҕа, күнүс -7 кыраадыс тымныы. Манна ыам ыйын 8-9 күннэрин эрэ диэки сааскы сылаас тыын биллиэҕэ.

Тиксиигэ уонна Анаабырга түүн -15 кыраадыс, күнүс -5 кыраадыс тымныы. Манна эмиэ — ардах уонна хаар. Бу күннэргэ ыам ыйын 4 күнүгэр диэри хаары, ардаҕы кытта 10-15 м күүстээх тыал түһүөҕэ.

Өлүөхүмэҕэ 18 м күүстээх тыал түһүөҕэ. Кэбээйигэ — 15 м тиийэ күүстээх тыал.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, дьиэҕэ олорор эрэһиими тутуһарга саамай тоҕоостоох кэм буолсу — тымныы күҥҥэ-дьылга кыра кыһалҕалаах киһи таһырдьа тахсыан баҕарбата чахчы. Онон бырааһынньык күннэргэ сылаас дьиэҕэ олоруоҕуҥ, нус-хас сынньаныаҕыҥ.

Источник: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/tuskul-8/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар