Дьокуускайга Сайсары күөл таһыгар норуот маастара Мандар Уус бырайыагынан Моҕол ураһа туруоруллуохтаах. Бу кэнчээри ыччакка ананар өйдөбүнньүгү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ улуустарын уран тарбахтаахтара туруннулар.
Бээрийэ бибилэтиэкэрэ Туйаара Васильева иһитиннэрбитинэн, туос көбүөрү тигиигэ кинилэр нэһилиэктэрин иистэнньэҥнэрэ эмиэ ылсыбыттар. «Арчы» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайар Варвара Васильева ыйыытынан-кэрдиитинэн бу күннэргэ туос ураһа көбүөрүн (испэ туоһу) оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир Екатерина Васильева, бээрийэлэр кийииппит Елизавета Семенова (Дьокуускай) тиксэ сылдьаллар. Бу эппиэтинэстээх, сыраны эрэйэр үлэҕэ нэһилиэктэн уопсайа 10 иистэнньэҥ үлэлэһэр», — диэтэ кини.
Бээрийэлэр уопсайа 11 испэ туоһу (көбүөрү) тигиэхтээхтэр. Онтон алтата — Үрдүк Айыыларга сүгүрүйүү көбүөрэ. Итинтэн иккитэ тигиллэн бүппүт. Быйаҥ тардыытыгар ананар биэс көбүөртэн биир бэлэм буолбут. Билигин төрдүс көбүөрдэригэр ылсыбыттар. Туостарын Аллан өрүс чугаһыттан Чэриктэйтэн (Уус Алдантан) уонна Уус Тааттаттан (Таатта улууһа) ылаллар. Бэс ыйынааҕы — сырдык, атырдьах ыйынааҕы кытархай өҥнөөхтөрүн, түмэдилээх туос диэн хойут хастанарын, хараҥа буоларын быһаараллар. «Өскөтүн өссө хараҥа өҥнөөх туоска наадыйдахха, туоһу хотоҥҥо эбэтэр бадарааҥҥа сытыаран өссө хараардыахха сөп», — дииллэр уран тарбахтаахтар.
Туйаара Антоновна маанылаах туос көбүөрдэр суон сураҕырбыт Моҕол ураһа бастыҥ киэргэллэринэн буоланнар ыалдьыттары сөхтөрө туралларыгар эрэнэр.