22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үтүө киһини үтүө тылынан ахтан

10:18, 21 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кинини кэриэстээн, үтүө аатын үйэтитэн олоҕун аргыһа Прасковья Ивановна Емельянова „Олоҕун үлэнэн киэргэтэн“ диэн кинигэ бэлэмнээн күн сирин көрдөрдө.

Доҕордорун бу күн ахта-саныы, кини туһунан сылаас тылы этэ республикаттан табаарыстара, коллегалара кэлбиттэр. Ол курдук, Новосибирскайга араас сылларга бииргэ үөрэммит табаарыстара республикабыт Ил Дархана Е.А. Борисов кэргэнинээн Прасковья Петровналыын, А.А. Яковлев, А.Г. Кокорев, Ф. А. Тимофеев, П.Н. Николаев, И.С. Емельянов, В. С. Михайлов уонна И.Н. Петров кэргэттэрин кытта бааллар. Ону кытта улууспут тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин салайааччылара, бииргэ үлэлээбит коллегалара, кинини кытта алтыспыт, истиҥник саныыр дьон кэлэн улуус мунньахтыыр саалатыгар тобус толору муһуннулар.

Кинигэ барыта 11 түһүмэхтэн турар. Прасковья Ивановна кинигэни таһаара үөрэхтээх буолан, ис тутулун оҥорууга кичэллээхтик сыһыаннаһан, манна киниэхэ кыра кыыстара, Амматааҕы лицей 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Майя Емельянова күүс-көмө буолан, Иван Николаевич олоҕо бүтүннүү олус үчүгэйдик сырдатыллан киирбит. Ону ахтыы оҥорбут дьон бары сыаналаатылар уонна хайдах эрэ доҕорбутун тыыннаах курдук санаатыбыт, дьиҥ-чахчы үйэтитии барда диэн эттилэр. Кинигэҕэ хас биирдии ахтыыга Иван Николаевич уратытын хайаатар да бэлиэтээн ааспыттар. Кини оҕо сааһын, оскуолатааҕы, устудьуоннааҕы сылларын, эдэр специалист да, салайааччы да быһыытынан үлэлии сылдьыбыт кэмнэрин санаан, чахчы да ыраас дууһалаах, куруутун күлэн мичилийэн, сырдыгынан сыдьаайа сылдьыбыт киһи кылгас да буоллар, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт эбит диэн санааларын үллэһиннилэр.

— Бүгүн олус истиҥ кэпсэтии буолла. Иван Николаевич киһиэхэ сыһыанын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Мин ийэм дьон туһунан куһаҕаны саҥарбат, толкуйдаабат, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорбот буол диэн өйдөбүлү биэрэ сатаабыта. Ол толору өйдөбүлүн мин Иван Николаевичка көрбүтүм. Кинини кытта эдэр эрдэхпититтэн билсэн бу тиһэх күннэригэр диэри эн-мин диэн билсэн кэллибит. Кини дьоҥҥо сыһыанын бүгүн бары бэлиэтээтилэр. Иван Николаевич республика тыатын хаһаайыстыбатын салаатыгар саҥа сүүрээннэри киллэриигэ экономист быһыытынан, тыа сиригэр производствоны тэрийээччи быһыытынан бастыҥнартан биирдэстэрэ этэ. Ылыммыт сыалын-соругун олоххо киллэрэргэ төһө да ыарахаттар баар буолбуттарын иһин, ону барытын туораан, Амма улууһа бородууксуйаны батарыыга, дохуоту ылыыга күүскэ үлэлээбитэ. Оттон кини дьиэ кэргэнигэр, чугас доҕотторугар олус ис киирбэхтик, куруутун үтүөнү баҕаран сыһыаннаһарын бүгүн эттилэр. Төһө да өрөбүл күн буоллар, тымныы халлаан да турдар табаарыстара бары кэлэннэр сылаастык ахтыбыттара, бу кини киһи быһыытынан, салайааччы да быһыытынан авторитетын, үтүө өйдөбүлүн туоһулуур. Ону сэргэ улуус салалтата, специалистара, нэһилиэктэр салайааччылара, атын да дьон кэлэн кыттыыны ылбыттарыгар мин аммаларга махтаныам этэ, — диэн 70-с сылларга Новосибирскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын институтугар бииргэ үөрэммит доҕоро, республикабыт Ил Дархана Е. А. Борисов санаатын үллэһиннэ. Маны сэргэ Егор Афанасьевич үтүө дьоммутун тыыннаахтарына сылаастык ахтар буолуоҕуҥ, кинилэри үрдүктүк тутуоҕуҥ, наар куһаҕаны эрэ була сатаамыаҕыҥ, хасыһымыаҕыҥ, кинилэр үчүгэй өрүттэрин булан, ону өйүөҕүҥ, ол быдан ситиһиилээх, кыайыылаах, түмүктэрдээх буолуоҕа диэн олус бэргэнник эттэ.
Тоҕо кинигэ тахсарый? Саха өс хоһооно этэринии, суруллубут суоруллубат, этиллибит энчирээбэт. Үйэтитии биир сүрүн хайысхата — кинигэ. „Бу кинигэ үйэлэргэ хаалыаҕа, Иван Николаевич өссө хос, хос-хос сиэннэрэ эһэлэрин туһунан элбэҕи билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ. Оттон дьон-сэргэ маннык киһи үлэлээн, олорон ааспыта диэн куруутун ахта-саныы сылдьыаҕа. Бу буолар кинигэ тахсыытын сүрүн сыала-соруга, анала, үйэлээх үлэ түмүгэ“ диэн этэр Иван Николаевич олоҕун аргыһа Прасковья Ивановна.

Наталья Бубякина 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА