23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Степан Бурнашев: эhэлэрим туһунан киинэ устуохпун баҕарабын

13:01, 04 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Дьулустаан Сергеев, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Айта», «Республика Z», «Наша зима», «Ыт», «Эт», «Черный снег» киинэлэр режиссердара Степан Бурнашев Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан киинэни устар баҕа санаалаах. 

Бу туһунан кини СИА-ҕа интервьютугар кэпсээбит.

«Хас биирдии режиссер историческай киинэни устуон баҕарара буолуо дии саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт икки эһэм туһунан киинэ оҥорор баҕалаахпын. Биир эһэм 1942-1947 сылларга сулууспалаабыта, Кенигсберы, Украинаны, Белоруссияны босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Иккис эһэм тыылга үлэлээбит, Ааллаах Ууҥҥа «табаары» таһыыга кыттыбыта. Ону таһынан, олох былыргы туһунан эмиэ устар санаадаахпын, холобур сахалар 13-с  үйэҕэ хайдах олорбуттарый? Ол туһунан тугу билэбитий?”, — диир кини, суруйар ЯСИА-ҕа сигэнэн «Саха» НКИХ сайта.

Билигин Бурнашев Азия дойдуларыгар саха киинэтин көрдөрөр туһунан кэпсэтиһэ сылдьар. Соторутааҕыта Путсаҥҥа (Корея) буолбут киинэ бэстибээлигэр кыттыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА