2023 сылга Саха сирин предпринимателлэрэ 67,8 мөл солк граннары туризм бизнеһин сайыннарыыга ыллылар. Үбүлээһин Владимир Путин көҕүлээбит «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак чэрчитинэн бэрилиннэ.
Куонкурустар түмүктэринэн 57 предприниматель көҕүлээһинэ талылынна. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Холобур, Скрябиннар 1,6 мөл солк граны туристар туттар тэриллэрин атыылаһыыга ыллылар. ««Мой бизнес» саайтыгар куонкурус буоларын туһунан сонуну аахпытым, сайаапка ыыппытым. Грант харчытын бизнеспытын хаҥатыыга ыытабыт, инвентарбытын саҥардыахпыт», – диэтэ Иван Скрябин. Предприниматель эппитинэн, грант харчытыгар кыһыҥҥы сынньалаҥҥа туттуллар тэриллэр, балааккалар, ороннор, олоппостор ылыллыбыттар. Кини 2019 сылтан туристар тэриллэрин прокатка биэриинэн дьарыктанар.
Саха сирин предпринимателлэрэ бу ааспыт биэс сылга уопсайа 405,7 мөл солк федеральнайдааҕы киинтэн судаарыстыбаннай өйөбүл ылбыттар, туризмы сайыннарыыга. Ол иһигэр 2023 сылга — 198 мөл солк.
2024 сылга Саха сиригэр 2030 сылга диэри туризмы сайыннарыыга тосхол ылыллара былааннанар.