Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов социальнай ситимнэргэ кэпсээбитинэн, «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка быйыл Хомсомуол болуоссатыгар алтынньы 24 — 25 күннэригэр буолар, СИА суруйар.
«Үгэскэ кубулуйбут дьаарбаҥкаҕа тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрэ, хотугу уонна Арктика кытылынан сытар улуустартан общиналара, өрөспүүбүлүкэ балыгынан дьарыктанар хаһаайыстыбалара кыттыахтара. Дьаарбаҥкаҕа, урукку курдук атын тэрээһин суох буолуоҕа, атыылааһын эрэ», — диэтэ миниистир Александр Атласов.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка 11-с төгүлүн ыытыллар.