Саха сиригэр 2022 сыл бастакы аҥарыгар дьон буруйунан 16 ойуур баһаара буолла. Ойуурга 16 баһаар төрүөттэрэ билигин да олохтоно сылдьаллар.
Өрөспүүбүлүкэ прокурорун правовой хааччыйыыга старшай көмөлөһөөччүтэ Ирина Машкова СИА-ҕа иһитиннэрбиттэринэн, Арассыыйаҕа баһаартан куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин административнай буруйу күүһүрдэн биэрдилэр. Билигин бар дьоҥҥо ыстараап 60 тыһыынчаҕа тиийэ, дуоһунастаах дьоҥҥо — 110 тыһыынчаҕа, тэрилтэлэргэ — 2 мөл. тиийэ.
«Ойуур пуондатыгар 10 тыһыынча солкуобайтан үрдүк хоромньуну оҥорбут буоллаҕына, буруйдаах киһи ХК 261-с ыстатыйатынан («ойууру өлөрүү эбэтэр буортулааһын») холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. Бу ыстатыйаҕа саамай улахан накаастабыл-3 мөл. солк. диэри ыстараап эбэтэр 500 тыһыынчаҕа диэри ыстырааптаан баран 10 сылга диэри хаайыыга угуохтарын сөп. Буруйдаах киһи ойуур пуондатыгар, почваҕа, тулалыыр эйгэҕэ оҥорбут буортутун төлөттөрөллөр уонна баһаары умуруорууга судаарыстыба ороскуотун булгуччу толуйар. Бу ирдэбил кээмэйэ хааччахтаммат», — диэн Машкова иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, ойуур баһаарын куттала Саха сирин улахан аҥарыгар оннунан хаалар. От ыйын 12 күнүгэр сарсыарда 43 ойуур баһаар буола турар.