29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа саҥа ойуур баһаарын булбатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сууккаҕа Булуҥ уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар икки ойуур баһаарын тохтоттулар. Саҥа баһаардар көстүбэтилэр. Ол туһунан атырдьах ыйын 24 күнүгэр экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

Суукка саҕаланыыта Уус-Майа оройуонугар биир баһаар турбут. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барыта 90 425 гектар иэннээх сэттэ баһаар үлэлиир. Уоту умуруорууга 390 киһи уонна 9 тиэхиникэ үлэлии сылдьаллар.  Ааспыт сыл баччаларга 50 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.

«Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаар кутталын кылааһа үстэн ордуга суох. Уус-Маайа оройуонугар ыксаллаах быһыы-майгы режимэ үлэлии турар», – диэн Коноплев бэлиэтээтэ.

Ыксаллаах быһыы-майгы режимэ Уус-Маайа оройуонугар, ону тэҥэ Орто Халыма оройуонун I Мытаах нэһилиэгэр үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА