16 Олунньу 16.02
  • -23°
  • $ 77,19
  • 91,56

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2,9% үрдээтэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбата бу сыл III кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйин 17 877 солкуобайынан бигэргэттэ.


Үлэ миниистирэ Елена Волкова ас сыаната өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 0,3% үрдээн, 7 921 солк тэҥнэспитин эттэ. Продовольственнайа суох табаар сыаната 3 994 солк, төлөбүрдээх өҥө — 4 786 солкуобайга тэҥнэспит.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ити көрдөрүүлэргэ олоҕуран оҥоһуллар.

Былырыыҥҥыга холоотоххо тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2,9% үрдээбит. Инньэ гынан, биир киһиэхэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 17 877 солкуобайга тэҥнэстэ, үлэһит дьоҥҥо— 18 930 солк, биэнсийэлээхтэргэ — 14 362 солк, оҕолорго — 18 612 солк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА