22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр сири кытта үлэҕэ регион бырагыраамата быйылгыттан үлэтин саҕалаата

Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быраҕылла сытар бааһыналары, ходуһалары туһаҕа таһаарыы — бу регион салалтатын биир тутаах соруга. Сиртэн бэйэ хаачыстыбалаах бородууксуйата оҥоһуллан тахсарын өйдөөбүппүт ыраатта. Билигин санкциялар биллэриллибит кэмнэригэр боппуруос көдьүүһэ өссө күүһүрдэ.

Ыам ыйын 18 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бирикээс таһаарбыта. Докумуоҥҥа этиллэринэн, бу сылга регион салалтата мелиоративнай үлэлэргэ 100 мөл солк көрдө. Бу аан бастакытын ылыллар дьаһал буолар. Бирикээс сири кытта үлэлиир хаһаайыстыбалары өйүүр сыаллаах, ол эбэтэр субсидия көрөр. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сири кытта үлэҕэ департамент кылаабынай исписэлииһэ Дьулустан Харлампьев эттэ

Докумуоҥҥа олоҕуран, бэс ыйын 14 — 24 күннэригэр сайаапкалары хомуйаллар. Бэҕэһээҥи туругунан 57 хаһаайыстыба сайаапка биэрбит. Үксүн оҕуруоттаах дьон кыттыбыт. Онон оҕуруоту уунан хааччыйыыга анал тэрил ылыныыга элбэх сайаапка баар. Биир «Техническай решение» суумата ортотунан 5 мөл солк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА