Олунньуга сүөһү ахсаана 184 тыһ төбө буолла, бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 2000 төбөнөн аҕыйах. Ити эрээри төрүүр ынах эбиллиитэ баар. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Николай Афанасьев эттэ, суруйар СИА.
Саха сиригэр олунньуга барыта 184 тыһыынча сүөһү баар (ол иһигэр 76 тыһыынча ыанар ынах), былырыын 186 тыһыынча (74 тыһ ыанар ынах) этэ.
«Ыанар ынах ахсаана эбилиннэ. Ити чааһынай хаһаайыстыбалаахтарга быйылгыттан төрүүр ынахха субсидия көрүллүүтэ уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга үүккэ төлөбүрү улаатыннарыы көрүллүбүтүн кытта сибээстээх. Ынаҕы идэһэҕэ туттуу суоҕун кэриэтэ, сорох улуустарга анаан ынаҕы элбэтиигэ үлэлииллэр», — диэтэ Николай Афанасьев.