Бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга улахан суолталаах Ылдьыын таҥара күнэ. Күнүскү аһылыкка диэри сайын, эбиэттэн киэһэ – күһүн саҕаланар. Күн кылгыыр, улам-улам түүн хараҥаран, уһаан барар.
Кыстыкпыт чугаһаан Ылдьыынтан кэбиһиилээх оттор кэчигирэһэллэр, бурдук буһар, бастакы хаһыҥнар түһэллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ходуһаларга 9 219 тыраахтыр, 7 655 звено, холбоон 22 416 киһӣ окко үлэлии-хамныы сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от 129 052 га иэннээх сиргэ охсулунна, 112 974 туонна от кэбиһилиннэ. Таатта улууһугар 5 туонна сенаж бэлэмнэннэ.
Улуустарга от үлэтин үмүрүтэргэ, былааны толорорго бүгүҥҥү күҥҥэ 55 мобильнай звенолар тэриллэннэр, 1066 туонна оту номнуо бэлэмнээтилэр. Аммаҕа — 16, Мэҥэ-Хаҥаласка – 7, Горнайга – 9, Чурапчыга – 15, Үөһээ Халымаҕа — 5, Томпоҕо — 2, Намҥа — 1 мобильнай биригээдэлэр үлэлииллэр.
От былаана 26 % туолан турар, атырдьах ыйыгар бары күүһү от үлэтигэр ууран, оппут, сиилэспит, сенажбыт былаанын толоруохха, кыстыкка толору бэлэмнээхтик киириэххэ, суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.