22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр муниципальнай тэриллиилэр сэбиэттэрин IX съезтара саҕаланна

Фото с сайта sakha.gov.ru
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Дьокуускайга Саха сирин муниципальнай тэриллиилэрин Сэбиэттэрин IX съезтара саҕаланна. Тэрээһин бэрэстэбиитэллээх уоргаттар депутаттарын II съезтарын кытта тэҥҥэ ыытыллар.

Съезд кэмигэр «Об актуальных вопросах местного самоуправления в РС(Я)», «Вопросы экологии, землепользования, сельского хозяйства, Арктической зоны, ЖКХ и энергетики в РС(Я)», «Вопросы образования, культуры, науки, семьи и детства, патриотического воспитания» тиэмэлэринэн төгүрүк остуоллар буолаллар. Делегаттар толоруулаах былаас үлэтин, муниципалитеттар социальнай-экономическай сайдыыларыгар боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ.

Ил Дархан Айсен Николаев баһылыктары кытта анаан көрсүөҕэ, тосхолго үлэни ыытыахтара. Нэһилиэнньэлээх пууннар сайдыыларыгар стратегическай сессия буолуоҕа, промышленность эмиэ инники күөҥҥэ тутуллуоҕа.

Пленарнай мунньах кулун тутар 30 күнүгэр буолуоҕа. Манна Сэбиэт үлэтин түмүгүн, бэйэни салайыныы былаанын, соруктары кэпсэтиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА