2023 сыл тохсунньутугар Саҥа дьыллааҕы каникул тохсунньу 1 — 8 күннэригэр буолаллар.
Ахсынньы 31 күнэ – субуота уонна үлэ күнэ буолбатах, онон Саҥа дьыллааҕы өрөбүл тоҕус күҥҥэ диэри уһуур.
Үлэ министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, үлэ күнэ буолбатах бырааһынньык күҥҥэ түбэспит өрөбүллэр 2023 сыл тохсунньу 1 күнэ (баскыһыанньа) олунньу 24 күнүгэр (бээтинсэ) уонна тохсунньу 8 күнэ (баскыһыанньа) ыам ыйын 8 күнүгэр (бэнидиэнньик) көһөр.
Кэлэр уһун каникуллар олунньуга буолуохтара, манна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр бырааһынньыктарыгар 4 күн сынньаныахпыт.