22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саҥа баһылык Тэҥкэҕэ ыһыах ыста

15:01, 28 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 25 күнүгэр Тэҥкэ нэһилиэгин ыһыаҕа биир дойдулаахтарыгар Н.К. Ананьевка ананан ыытылынна. Саха норуотун бырааһынньыга Бүлүү эбэ биэрэгин үрдүгэр баар култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар буолла.


Ыһыахха Тэҥкэттэн төрүттээх араас сиртэн ыалдьыттар тоҕуорустулар.
Нэһилиэк саҥа, эдэр баһылыга Николай Попов бастакы ыһыаҕын долгуйа аста. Николай Иванович дьонун-сэргэтин самаан сайын кэлбитинэн эҕэрдэлээтэ, бары үтүөнү баҕарда, сайыҥҥы күүстээх үлэҕэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.

Улуус дьаһалтатын аатыттан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов улуус наҕараадаларын нэһилиэк бастыҥ үлэһиттэригэр туттартаата. Кинилэр ортолоругар Тэҥкэ нэһилиэгин бастакы баһылыга, нэһилиэк сайдыытыгар элбэх үтүөлээх-өҥөлөөх Григорий Иванович Игнатьев улуус баһылыгын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА