22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыга 52 мөл.тахса солк. бэрилиннэ

15:20, 08 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күн-дьыл туругуттан сылтаан оттооһуҥҥа улахан мэһэй үөскээбитин, онуоха бырабыыталыстыба оҥорор көмөтүн туһунан тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Афанасий Семенов СИА-ҕа кэпсээтэ.


«Сорох улуустарга отоооһун ураты ыараханнык барар. Министиэристибэ иһинэн тэриллибит суһаллык дьайар ыстаап быһыыны-майгыны кыраҕытык хонтуруоллуур. Биһиги муниципалитеттары кытта күн аайы быһа сибээскэ тахсабыт», — диир Афанасий Семенов.

Күүстээх ардахтар от хаачыстыбатын биллэ мөлтөттүлэр. Онон, табары оҥорон таһаарааччылары эбии аһылыкка анаан тууһунан хааччыйыахтара. Муниципалитеттартан киирэр сайаапкаларынан көрөн 455 тууһу атыылаһарга улуустар бюджеттарыгар үп-харчы ыытыллыбыт.

Бүлүү бөлөххө, Өлүөхүмэ уонна Мииринэй оройуоннара тууһу Кэмпэндээйиттэн быһа ылаллар. Онтон атын улуустарга туус Дьокуускайтан тиэрдиллиэҕэ. Тууһу атыылаһарга судаарыстыба бюджетыттан 6,8 мөл.солк. көрүлүннэ.

Мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин тэрийэргэ 39 мөл.солк. ананна. Сайаапка биэрбит улууска үп-харчы быһаччы тиэрдиллэр. Үбү-харчыны муниципалитеттар уматыгы атыылаһыыга эбэтэр оту тиэйиигэ тиэхиньикэ паромҥа айанын ороскуотун төлүөхтээхтэр.

Маны таһынан былааны толорууга куонкурус биллэриллэр. Ити түмүгэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр тахсар. Кыайыылаах «Беларус» тыраахтарынан наҕараадаланар. Иккис миэстэни ылбыттар охсордоох дьоҕус тыраахтарынан биһирэниэхтэрэ. Оттон үһүскэ – дьоҕус тыраахтар. Куонкуруһу тэрийиигэ бюджеттан 8 565 тыһ.солк. бэриллэр.

Булуҥ, Абый, Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустарыгар комбикорм, зернофураж уонна туус тиэрдиллэр. Маныаха 4 мөл.солк. бюжеттан ыытылынна.

Быйылгы аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ уопсайа 52 мөл.солк. ананна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар