8 Алтынньы 08.10
  • -5°
  • $ 96,06
  • 105,31

Бүлүүгэ от үлэтин, оҥоһуллар көмө тустарынан ырыттылар

17:27, 16 августа 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иван Тарасов Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын кытта оттооһун боппуруоһугар сүбэ-мунньаҕы ыытта.


Мунньах саҕаланыытыгар Иван Николаевич тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ атырдьах ыйын 1 күнүгэр, оттооһуҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин туһунан анал дьаһал тахсыбытын иһитиннэрдэ.

Ити дьаһалга олоҕуран, Бүлүү улууһугар 20 тонна туус бэриллибитин нэһилиэктэринэн үллэриллиэҕэ диэн иһитиннэрдэ. Билиҥҥи туругунан Халбаакыттан, Өкүндүттэн, Хаҕынтан, 2-с Күүлэттэн, Тыымпыттан сайаапка киирбит. Уонна тууһу тиэйиигэ тырааныспар ороскуота барыта төлөнөрүн туһунан билиһиннэрдэ.

Оттооһун боппуруоһугар хас нэһилиэк аайы страховой оттооһуҥҥа былаан туттарыллыбыта. Нэһилиэк иһинэн мунньах ыытан, страховой эбэтэр мобильнай биригээдэ тэринэн от үлэтин ыытарга сорук турбута. Ол былаан түмүгүнэн бүгүн маннык:

Бороҕон — 90 тонна, Дьөккөн — 100 тн, Кыргыдай — 150 тн,Үгүлээт — 80 тн, Хаҕын — 100 тн, Чинэкэ — 120 тн, Чочу — 80 тн. Бу от тоннатынан босхо ГСМ бэриллэрин бэлиэтээтэ. (100 тн окко 2 тн сэлээркэ).

Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ уустуктар бааллар эрээри, төһө да от үүнүүтэ мөлтөҕүн иһин, Бүлүү улууһун үрдүнэн атырдьах ыйын 8 күнүн туругунан 8189 тонна от оттоммут. Бу быылаан 29,25%

1 Күүлэт 30,21861 тонналаах, 2-й Күүлэт — 381 тн (22%), Бөтүҥ — 256 тн (25%)., Дьөккөн — 380 тн (34%), Хампа — 450 тн (34%), Баппаҕаайы — 120 тн (6%), Кыргыдай — 1210 тн (51%), Бороҕон — 347 тн. Халбаакы — 332 тн (28%), Өкүндү — 330 тн (36%), Лөкөчөөн — 460 тн (41%), Тыымпы — 125 тн (11%), Тааһаҕар — 351 тн (29%), Балаҕаччы — 749 тн (35%), Тылгыны — 536 тн (32%), Үгүлээт — 300 тн (37%), Хаҕын — 270 тн (21%), Чинэкэ — 493 тн (29%), Чочу — 233 тн (12%).

От сыаната тыа хаһаайыстыбатын дьаһалынан бастакы сорт ото 5 тыһ. тэҥнэһэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА