22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россияҕа оскуола үөрэнээччитин үлэҕэ үөрэтэргэ эттилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа оскуола оҕотун, төрөппүтүттэн көҥүл ылан, үлэҕэ үөрэтэри эттилэр. Үөрэнээччини үлэлэтэр бобулларын туһунан сокуоҥҥа уларытыыны киллэрэргэ көҕүлээһини Госдуума үөрэххэ кэмитиэтин баһылыга  Ольга Казакова киллэрдэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, уларыйыы «үлэҕэ туттуу» курдук быһаарыллыа суохтаах, үлэнэн оҕону иитии буолар.

Казакова эппитинэн, оҕолор билигин да үлэнэн иитиигэ кытталлар, холобур, кылааска дьуһуурунайдыыллар.

«Мин ыстатыйаны позитивнай өттүгэр уларыйарын көрөбүн — оскуола оҕотун үлэҕэ төрөппүттэн көҥүллээх сыһыарыыга. Бу үлэҕэ туттуу буолбатах, биһиги үлэнэн иитиини этэбит», — диэтэ кини.

Санаттахха, үлэнэн иитии уонна оскуолаҕа оҕо үлэҕэ кыттарын туһунан сокуону көҕүлээһини эрдэ Госдума спикера Вячеслав Володин оҥорбута.

Хаартыска: РИА Новости, Мария Девахина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА