Арассыыйа премьер-миниистрэ Михаил Мишустин герой ийэлэргэ биир кэмнээх төлөбүрдэри биэрэргэ 30,7 мөл. солк. аныыр туһунан дьаһалы ылла, ону тэҥэ маннык көмөнү «төрөппүт килбиэнин» уордьанынан эбэтэр бу уордьан мэтээлинэн наҕараадаламмыттарга биэриэхтэрэ. Бу туһунан СИА дойду бырабыыталыстыбатын саайтыгар сигэнэн кэпсиир.
Ити төлөбүрдэргэ үп 2022 сылга резервнэй пуондаттан киириэҕэ. Оттон 2023-2025 сылларга итинник төлөбүрдэргэ наадалаах үп федеральнай бүддьүөт бырайыагын киирдэ. Эрдэ «герой-ийэ» диэн ааты ылбыт дьахталларга 1 мөл. солк. биэриэхтэрэ диэн быраабыла бигэргэтиллибитэ.
Ону сэргэ, Владимир Путин 200 тыһыынча солкуобай сууманы «Төрөппүт албан аата» уордьанын ылбыт дьоҥҥо биир кэмнээх харчынан көҕүлээһин быһыытынан киллэрдэ. Оттон маннык уордьанынан наҕараадаламмыттар билигин 100 тыһыынча буолбакка 500 тыһыынчаны ылыахтара.