21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Үөрэххэ "налоговай вычет". Хайдах ылабыт? - @obyasnayemrf

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөрэххэ «налоговай вычет» диэн үрдүк үөрэххэ, оскуолаҕа, куурустарга, дьыссаакка үөрэниигэ төлүүр ороскуот чааһын төнүннэрии, сууматтан 13%-гар диэри. 

«Вычетынан» РФ резиденнэрэ, НДФЛ төлөөччүлэр туһаналлар:

▪️ бэйэҕэ,
▪️ оҕолорго,
▪️ бырааккар эбэтэр балтыгар.

Харчыны үрдүк үөрэххэ, оскуолаҕа, куурустарга, дьыссаакка үөрэнии иһин төнүннэриэххэ сөп.

Кылаабынайа — үөрэх тэрилтэтигэр эбэтэр ИП-га лицензиялаах эбэтэр үлэтин бигэргэтэр докумуоннаах буолуохтаах.

«Вычеты» үс сыл иһинэн төнүннэриллэр. Маннык оҥоһуллар:

▪️ үлэ биэрээччинэн үөрэххэ харчы төлөммүт сылыгар. Ыспыраапканы ФНС сайтыгар тус кабинекка бэриллэр;
▪️ декларациянан кэлэр сылыгар. Декларацияны үөрэххэ төлөбүр оҥоһуллубутун кэннэ үс сыл иһигэр толоруллар.

Муҥутуур кээмэй:

▪️ бэйэ үөрэҕэр — 120 000 солк сылга;

▪️ быраакка эбэтэр балтыга — 120 000 солк сылга;

▪️ оҕоҕо — 50 000 солк сылга, биир оҕоҕо.

Бэйэҕэ уонна быраакка, балыска «вычет» атын социальнай вычеттары кытта холбонор. Ол эбэтэр муҥутуур төлөбүр суумата — 120 000 солк.

Оҕоҕо холбоммот, тус-туспа учуоттанар.

Хаартыска: Интернет

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА