Россия үгүс олохтооҕун долгутар куурусса сымыытыгар сыана үрдээһинин боппуруоһа быһаарыллыаҕа. Россия президиэнэ Владимир Путин улахан пресс-конференциятыгар бэҕэһээ эппитинэн, сыана үрдээһинэ — дойду бырабыыталыстыбатын ситэтэ суох үлэтэ, суруйда ЯСИА.
Россияҕа куурусса сымыытыгар сыана үрдээтэ — ортотунан 40%. РФ президиэнэ бэлиэтээбитинэн, сотору кэминэн быһаарыы ылыллыа уонна балаһыанньа тупсуо.
«Дьон сымыыкка наадыйыыта улаатта, онтон оҥорон таһаарыы суох. Импорт сөптөөх иэнинэн кэмигэр арыллыбата. Билигин Турцияттан эбии сымыыт киллэриитигэр этиилээхтэр. Биһиэхэ кинилэри кытта экономика сибээһэ уонна сыһыан баар, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар. Атын дойдулартан эмиэ этии киирэр, холобур Белоруссияттан», – диэтэ Владимир Путин.