Дойдуга бурдук үүнүүтэ 2022 сылга 130 мөлүйүөн тоннаны аһарыан сөп, — диэтэ бэрэсэдьиэн Владимир Путин.
«Быйыл оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ үчүгэй саамай кылаабынай да диэххэ сөп, — 130 мөлүйүөн туоннаттан тахса үүнүү буолуоҕа», — диэтэ кини чэппиэргэ эдэр урбаанньыттары кытта көрсүһүү кэмигэр («Интерфакс»иһитиннэрэр).
Бурдугу тас дойдуга атыыга таһаарыы (2021 сыл бэс ыйыттан-2022 сыл от ыйыгар диэри) 37 мөлүйүөн туонна буолуон сөп. «Быйыл, 2021-2022 сыл, 37 мөлүйүөн туонна курдугу атыыга таһаарыахпыт, онтон икки- үс сылынан 50 мөлүйүөн туонна буолуоҕа»,-диэтэ Путин.