21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Парламент өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар корректировкалары ылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин парламенын алтыс пленарнай мунньаҕар депутаттар өрөспүүбүлүкэ 2024 уонна былааннаах 2025 — 2026 сылларга бюджетыгар корректировкалары киллэрэн туран, ылыннылар.

Парламентарийдар 115 көннөрүүнү көрдүлэр уонна онтон 72-тин ылыннылар, суруйар ЯСИА. Судаарыстыбаннай бюджеты чуолкайдааһыҥҥа инники күөҥҥэ тыа хаһайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматын өйөөһүн буолла, ол иһигэр ыһыы уонна оҥорон таһаарыы үлэлэригэр.

Бу сыалга 795 мөл солк тыырыллыаҕа. Онон тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга уопсай суума 15 миллиард солк, ол иһиттэн 62% муниципальнай оройуоттарга барар.

Үп миниистирин э.т. Валерий Жондоров эппитинэн, уопсай дохуот быйыл 10 миллиард солк улаатыаҕа уонна барыллаан 313 миллиард солк тэҥ буолуоҕа. Ити эрээри ороскуот чааһа уонна бюджет дефицита улаатыаҕа.

«Баар сокуон бырайыагар ороскуот чааһа 2024 сыл бюджетыгар 37 мөл солк улаатыаҕа, ити 349 миллиард солк тэҥ. Дефицит 36 миллиард 627 мөл 866 тыһ солк. Сыаллаах киириилэр суоттарыгар бюджет ассигнованиета 10 миллиард солк тахса улаатыаҕа», — диэтэ үп министиэристибэтин салайааччы.

Сиһилии https://ysia.ru/parlament-yakutii-prinyal-korrektirovki-v-byudzhet-respubliki-na-2024-i-planovyj-period-2025-2026-godov/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА