22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

ОРТО ХАЛЫМА: водозабор тутуута эмиэ көһөрүлүннэ

16:11, 16 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ отчуоттуур бөлөҕүн салайааччы, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Павел Маринычев нэһилиэнньэни кытта көрсүүһүүтүн ааспыт сыллааҕы туруорсуулартан саҕалаата. Ол курдук киин балыыһа иккис уочаратын тутуута 2018 сылтан былааҥҥа киирбит. Орто Халыма куоракка 75 миэстэлээх оҕо саадын тутуутугар судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии хайысхатынан номнуо үлэ саҕаламмыт. Спортивнай комплекс тутуутун боппуруоһугар бырайыактыыр-сметалыыр докумуона бу сыл бэс ыйыгар көмүскэммитин кэннэ, үбүлээһинэ саҕаланыаҕа.


Куорат олохтоохторун хаһыс да сылын водозабор тутуута долгутар. Ааспыт сылга бу боппуруос эмиэ күөрэйбитэ, быйыл даҕаны этилиннэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, «үбүлээһин көрүллүбэтиттэн халбаҥнаабакка турара» аһаҕастык эппиэттэннэ, кэлэр сылтан туруорсууну өссө күүһүрдэр сорук ылынныбыт.

Орто Халыма куоратын олохтоохторун Кузаковка оройуонугар баар чааһынай дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбооһун боппуруоһа долгутара этилиннэ. «Өскөтүн үбүлээһин боппуруоһугар ыарахаттар баар буоллахтарына, тупсарыыга туһуламмыт үптэн киин трассаны тардыыга туһаныаххытын сөп», — диэн Павел Маринычев быһаарда.

Ааспыт өттүгэр үс Халыманы сибээстиир уунан сырыы баарын үгүстүк ахталлар. Билигин ити тоҕо кыаллыбатын туһунан ыйытар киһи үгүс. Маныаха ааспыт сыллааҕы көрсүһүү кэмигэр эрэннэрии аҥардаах хоруй бэриллибитэ эрээри, күн бүгүҥҥэ диэри ити боппуруос аһаҕас турар. Павел Маринычев: «2015 сылтан Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуоту сөргүтэргэ бырайыак оҥоһулла сылдьар. Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи уунан сырыыны сайыннарыыга туһуланар», — диэтэ. Күн бүгүн да буолбатар, кэлэр өттүгэр бу салааҕа хамсааһын тахсарыгар эрэнэрин биллэрдэ.

Салгыы олохтоохтор үс Халыманы сайыннарыыга туспа бырагыраама оҥоһулларыгар баҕалаахтарын биллэрдилэр. Маныаха отчуоттур бөлөҕү салайааччы маннык хоруйдаата:
Үс улууһу чорботон туспа бырагыраама оҥоһуллубат, «Арктиканы сайыннарыы» бырагыраамата баар. Дойду таһымыгар Арктика зонатын оройуоннарынан Саха сирин 5 эрэ улууһа ааҕылла сылдьарын билэбит. Оттон хоту улуус дьонун үгүс туруорсуутунан, Сахабыт сирин салалтата федеральнай таһымҥа 13 улууһу Арктика зонатыгар киллэрэри туруорсан, иннибитин ылан эрэбит диэххэ. Онон инникини эрэллээхтик көрөбүт.

Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьон саҥа тутуллубут дьиэлэр хаачыстыбаларыгар, ситэтэ суох докумуоннарыгар мунаахсыйалларын биллэрдилэр. Маныаха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастыкы солбуйааччы туһааннаах тэрилтэлэргэ, улуус салалтатыгар  бу сылы аһардыбакка боппуруоһу барытын быһаарылларыгар сорудахтаата.

«Южная» хочуолунай хаһан баҕарар саахалланар кутталлааҕын этиннилэр. Маныаха Павел Маринычев ньиэбинэн оттуллар 6-с №-дээх хочуолунайы эбиликкэ үлэлэтэр инниттэн, улахан өрөмүөн үлэтэ барбытын эттэ. «Салгыы даҕаны тупсарарга үлэлиэхпит«, — диэтэ.

Отчуокка Арктика дьыалаларыгар СӨ судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Киселёв, СӨ спордун миниистирэ Михаил Гуляев, Айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев, Үп министиэристибэтин бырамыысыланнаска уонна транспорга отдел салайааччытын солбуйааччыта Игорь Эляков, Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Эдуард Кондратьев, Архитектура уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччыта Павел Аргунов, Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Олег Припузов, Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Сергей Владимиров, Сибээс уонна информационнай технология миниистирин солбуйааччыта Прокопий Неустроев, Коммунальнай комплекска уонна стратегическай сайдыыга Департамент салайааччыта Виктор Романов, Нэһилиэнньэ сэрэхтээх буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт тутаах отделын салайааччытын солбуйааччыта Любовь Гапирова, Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марина Лыкова, Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ Социальнай политикаҕа Департаменын салайааччыта Ирина Михайловна Слепцова кыттыыны ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА