Оборона министиэристибэтин инженернай хомуур ротатын байыаннай тиэхиникэтэ тимир суолунан Аллараа Бэстээххэ кэллэ. Билигин кэлбит тиэхиникэни сүөкээһин барар, ол кэннэ Горнай улууһугар тиэрдиэхтэрэ. Бу туһунан СИАҕа суһал ыстаап иһитиннэрэр.
Оборона министиэристибэтэ барыта 17 тиэхиникэни ыытта: 10 бронетранспортер, 3 «Урал», 2 «КамАЗ» массыыналар, 2 суолу тэлэр «БАТ-М» тэрил. Итини таһынан, 128 киһи кэллэ.
Билигин кэлбит тиэхиникэни сүөккүүллэр. Онтон Горнай улууһугар ыытыахтара.