22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нэдиэлэ иһигэр хамсык ыарыынан ыалдьбыт киһи ахсаана 52 % улаатта

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр биир нэдиэлэ иһигэр коронавируһунан ыалдьыы түбэлтэлэрэ 52% үрдээтэ. Ордук омикрон-штаммын бэлиэтииллэр. COVID-19-тан быһыыта суохтар ыарыыны быдан ыараханнык аһардаллар.

Оптуорунньукка өрөспүүбүлүкэ оперштабын мунньаҕар, Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьева, COVID-19  чинчийиитэ региоҥҥа омикрон ВА4 уонна ВА5 саҥа көрүҥнэрэ баалларын көрдөрдө, диэн иһитиннэрдэ.

«Бу көрүҥнэр ордук түргэнник тарҕаналлар. Саха сирин сиригэр-уотугар «Кентавр» диэн ааттаммыт омикрон штама суох диэн бэлиэтиибин. «Кентавр» диэн омикрон штамма ВА2.75 буолар», — диэн Игнатьева тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ коронавирус ыарыыта 52% үрдээтэ, ол иһигэр Дьокуускай куоракка – 12,6% . Ыалдьыбыт дьон 76%- на – улахан дьон, 24% — оҕолор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА