Арассыыйаҕа экология кутталыттан көмүскэнии уонна Программист күннэрэ.
1938 сыллаахха саха биллиилээх устуорук учуонайын Гавриил Ксенофонтовы Москуба чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. Ол сыл сайыныгар үспүйүөн диэн сымыйаннан буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ.
Бүгүн Арассыыйа революционера, сэбиэскэй политическай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Владимир Ленин, саха тыйаатырын ойуулуур ускуустубатын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга Георгий Туралысов, СӨ норуодунай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Зоя Багынанова төрөөбүттэр.
- ХНТ — Сир күнэ
- Бразилия — Бразилия аһыллыбыт күнэ
- Испания — Изабелла ыраахтааҕы күнэ
- Арассыыйа — Экология кутталыттан көмүскэнии күнэ уонна Программист күнэ
- АХШ, Оклахома — Оклахома күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1500 — Португалия эскадрата кэлин Бразилия кытыла буолбут сиргэ аан бастакыннан тиксибит.
- 1832 сыл — Николай I ыраахтааҕы бочуоттаах гражданин туһунан Манифест таһаарбыт. Дворяннартан атын сословияҕа киирэр дьоҥҥо бу сыбаанньа иҥэриллэр этэ. Саха сириттэн, холобур, атыыһыт Яков Санников бочуоттаах гражданин аатын ылбыт эбит.
- 1922 сыл муус устар 22 күнүгэр Дьокуускайга хомуньуус баартыйа бюротун бөрөсүүдьүмүн мунньаҕар Саха уобалаһа мантан инньэ Аптанымыйалаах Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэ буоларын туһунан Манифест ылыныллыбыта. Бу иннинэ 1920 сыллаахха Сибиирдээҕи кыһыл былаас быһаарыытынан Саха сирэ бастаан Иркутскай уобалас оройуона буола сылдьыбыта. Онтон бу намыһах статуһу уонна кыһыл террору сөбүлээбэккэ Саха сиригэр утарсыы үөскээбитин иһин (онтон сүрүннэрэ альтернативнай бырабыыталыстыба — ВЯОНУ — тэриллиитэ), түмүгэр, Саха сирэ бастаан төттөрү уобалас аатын ылбыта, онтон Дьокуускайга бу манифест ылыллан, аҕыйах хоноот муус устар 27 күнүгэр Саха АССР олохтонуутун туһунан Арассыыйа сүрүн былаастара Москубаҕа анал дэкириэт (сокуон) таһаараллар. Онон сибээстээн Сэбиэскэй былааһы утары өрө турбут дьон эйэлээх үлэҕэ көһөр буоллахтарына кинилэргэ амнистия биллэриллибит.
- 1931 — CCРC Совнаркома сэбиэскэй гражданство туһунан уураах таһаарбыт.
- 1938 сыллаахха саха биллиилээх устуорук учуонайын Гавриил Ксенофонтовы Москуба чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. Ол сыл сайыныгар үспүйүөн диэн сымыйаннан буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ.
- 1945 — Кыһыл аармыйа бастакы чаастара Берлиҥҥэ аан бастаан киирбиттэр, Берлини штурмалааһын бэлэмнэниитэ саҕаламмыт.
- 1970 — тулалыыр эйгэни харыстыыр бастакы тэрээһин АХШ-ка ыытыллыбыт, кэлин бу тэрээһини ХНТ Сир-Ийэ аан дойдутааҕы күнүнэн биллэрбитэ.
Төрөөбүттэр:
- 571 — Мухаммед (632 с. өлб.), Меккаттан төрүттээх арааб соҕотох таҥараҕа итэҕэйиини тарҕатааччыта, ислаам сүрүн дьонуттан биирдэстэрэ.
- 1870 — Владимир Ленин (1924 с. өлб.), Арассыыйа революционера, сэбиэскэй политическай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл.
- 1899 — Владимир Набоков (1977 өлб.), Петербурга баай ыалга төрөөбүт, Кырыымҥа, Германияҕа, Францияҕа уонна АХШ-ка олорбут суруйааччы, бэйиэт, литературовед уонна энтомолог учуонай.
- 1903 — Георгий Туралысов (24.11.1970 өлб.) — саха тыйаатырын ойуулуур ускуустубатын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга.
- 1934 — Петр Аввакумов — суруйааччы, литэрэтиирэни ырытааччы, 1996-2005 сс. «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.
- 1942 — Зоя Багынанова — СӨ норуодунай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1950 — Мария Магатырова — саха живописеһа, CӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ. Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
Өлбүттэр:
- 1969 — Гаврил Вешников — Баал Хабырыыс (15.04.1918 төр.) — бэйиэт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Сорох айымньылара сэриини күөттээччилэри утарыы уонна Аан дойдуга эйэни олохтуурга ыҥырыы ис хоһоонноохтор. Оҕололорго аналлаах элбэх айымньылаах.
- 1970 — Степан Саввин — Күн Дьирибинэ — суруйааччы уонна тылбаасчыт. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. Үгэлэри суруйуунан аатырбыта.
- 1974 — Евграф Крылов — саха живописеһа. «Пейзаж маастара» диэн ааттыыллар.
- 1996 — Василий Иванов (10.08.1936 төр.) — нуучча сахаҕа сыһыаннаах XVII—XVIII үйэтээҕи докумуоннарын үөрэппит чинчийээччи, устуоруйа билимин дуоктара.