Россия президенин сорудаҕынан медицина үлэһиттэригэр ыйдааҕы социальнай төлөбүрдэрэ үрдээтэ. Дьаһал тыа сиригэр, оройуон киинигэр уонна кыра куораттарга үлэлээччилэри хабар.
Үрдэтиллибит төлөбүрү муус устарга ылыахтара. 50 тыһ солк диэри улаатта 50 тыһыынчаттан элбэҕэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга үлэлиир оройуон уонна учаастак, поликлиника быраастарыгар уонна атын бастакы сүһүөх тэрилтэлэригэр. Орто сүһүөх медицина персоналыгар — 30 тыһ солк.
50 — 100 тыһыынча киһи олорор сиригэр социальнай төлөбүр быраастарга 29 тыһ солк, орто персоналга – 13 тыһ солк.
Төлөбүрдэр кулун тутар 1 күнүттэн ананаллар, онон муус устарга ылаллар.