Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар Кыайыы символын көрсүү буолла. Бөһүөлэк киин уулуссатынан дьон көрүдүөр оҥордо, Знамя авиапортан култуура киинигэр диэри айаннаата.
Култуура киинигэр Знамяны Дьааҥы оройуонун байыаннай комиссара Ярослав Шумейко уонна оскуола «Юнармия» тэрилтэтин эдэр байыастара киллэрдилэр. Тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, оройуон олохтоохторо көрүстүлэр.
«Биһиги эһэлэрбит уонна хос эһэлэрбит хорсун быһыыларын харыстыахтаахпыт, киэн туттуохтаахпыт», – диэтэ улуус баһылыга Владислав Иванов.
Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Руслан Иванин тыл эттэ. «Кыайыы Знамятын эстафетатын дьон хайдах көрсөрүн көрөн ис дууһабыттан долгуйабын. Ис дууһаттан тахсар тыл, патриотическай ырыа, үтүө дьон, бэтэрээннэр, оҕолор. Дьааҥы олохтоохторугар махтанабын, Кыайыы Знамятыгар, Россия историятыгар, Улуу Кыайыыга маннык истиҥ сыһыаҥҥыт иһин. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттан баран, сотору кыайыахпыт диэн өссө биирдэ итэҕэйдим», – диэтэ кини.
Дьааҥылар Знамяны Эбээн-Бытантай улууһугар тириэрдэллэр.