28 Муус устар 28.04
  • 10°
  • $ 74,81
  • 87,88

Кустар көттүлэ-ээр! (ВИДЕО)

15:09, 28 апреля
Хаартыска: Видеоттан тохтобул-кадр
Читайте нас на

Саха сиригэр сааскы куска булт көҥүллэннэ. Муус устар 25 күнүттэн олордуу иитиэх кустары туһанан, атыыр куһу бултуур көҥүллэнэр, оттон ыам ыйын 5 күнүттэн — мэҥиэтэ суох бултуохха сөп буолар.

Дэриэбинэ күөллэригэр кустар олорон, сынньанан, сэниэ эбинэн ааһаллар.

Бу сарсыарда Уус Алдан Суоттутугар Милена Варламова дьиэтиттэн тахсан, үлэтигэр барар суолуттан кустар көтөн тахсыбыттарын видеоҕа уһулла. «Атаҕым анныттан көттүлэр. Көтүтэн кэбистим диэн», — кини санаатын эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА