22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кулун тутар 30 күнэ. 1891 сыллаахха Улуу Сибиир суолун тутар туһунан ыйаах тахсыбыт - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1814 — Наполеон утары коалиция сэриилэрэ (Арассыыйа, Англия, Пруссия уо.д.а.) Париж куораты сэриилээн ылбыттар, Наполеон сэриилэрэ манан түмүктэммиттэр.
  • 1815 — Иоахим Мюрат Римини прокламациятын таһаарбыт, бу докумуон кэлин Италия сомоҕолоһургар суолтаны ылбыта.
  • 1841 — Нерчинскэй хаатыргатыттан Манчаары Баһылай Анисим Тимофеевтыын күрээбиттэр.
  • 1842 — хирург Кроуфорд Лонг эфирынан анестезияны аан бастаан туттубут.
  • 1856
    • Парижка эйэ сөбүлэҥэ түһэрсиллибит, Кырыым сэриитэ түмүктэммит. Туурсуйа Севастополь уонна союзниктарга бэриллибит атын Кырыым куораттарын оннугар Карс куораты ылбыт, Молдавия — Соҕуруу Бессарабия сорҕотун Дунаай өрүс алын тардыытын ылбыт.
    • Александр II ыраахтааҕы Москуба дворяннарыгар крепостной быраабы «үөһэттэн» суох гынар санаалааҕын эппит.
  • 1867 — Вашингтоҥҥа Арассыыйа уонна АХШ ыккардыларыгар сөбүлэҥ түһэрсиллибит. АХШ Арассыыйаттан Алясканы уонна Алеут арыыларын 7,2 мөл. дуолларга атыыласпыт.
  • 1890 ‪- Иркутскайга көскө олорон Польша босхолонуутун иһин охсуспут Иосафат Огрызко өлбүт. Кини Бүлүү куоратыгар суос соҕотох киниэхэ анаан тутуллубут хаайыыга 4 сыл олоро сылдьыбыта.
  • 1891 — Улуу Сибиир суолун тутар туһунан импэрээтэр ыйааҕа тахсыбыт.
  • 1905 — Крит арыыга гириэктэр туурак баһылааһынын утары өрө турбуттар.
  • 1917 — Арассыыйа Быстах кэмин быраабыыталыстыбата Польша тутулуга суох буолар бырааптааҕын билиммит.
  • 1922 — Саха уобалаһын Гражданскай управлениетын баһылыга П. А. Куликовскай хадаатайынан Приамурье кэмнээх бырабыыталыстыбата Саха уобалаһа киниэхэ бас бэринэрин туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1942 — Бүлүү оройуонун военкоматынан аармыйаҕа ыҥырыллыбыт Дмитрий Гуляевка бастакы кыргыһыытыгар сыысхала суох ытарын көрөн кулун тутар 30 күнүгэр оптическай прицеллаах бинтиэпкэни туттарбыттар, снайпер буолбут.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй сэриилэр Австрияҕа киирбиттэр, Венаны ылбыттар. Ону таһынан Польша уонна ССРС сэбилэниилээх күүстэрэ Данциг куораты босхолообуттар.
  • 1950 — саҥа айыллыбыт фототранзисторы Нью-Джерсигэ көрдөрбүттэр.
  • 1959 — Тензин Гьяцо, 14-с Далай ЛаамаТибиэттэн Ииндийэҕэ күрээбит.
  • 1971 — Саха сириттэн үс киһи Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар: Аллаах-Үүн шахта «Сиэллээх» учаастагын начаалынньыга Николай Горковенко, «Сангарскай» шахта маастар–взрывнига Петр Кочнев, Аллараа Кураанах бульдозериһа Павел Новгородцев.
  • 1981
  • 2020 — сэбиэскэй военачальник, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр 112-с Башкир кавалерийскай дивизиятын (1943 сыл олунньу 14 күнүттэн — 16-с гвардейскай кавалерийскай дивизия) хамандыыра, башкиир омуга улаханнык киэн туттар киһитэ генерал-майор Минигали Шаймуратовка (1899-1943) Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1945 — Алексей Миронов (11.04.1912—30.03.1945) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
  • 1996 — Олег Ковалевскай, худуоһунньук, график, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА