18 Ахсынньы 18.12
  • -31°
  • $ 103
  • 108,34

«Кино на службе Отечеству» үс күннээх бэстибээл Дьокуускайга ыытыллар

10:05, 11 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга ахсынньы 10 — 13 күннэригэр «Кино на службе Отечеству» көһө сылдьар бэстибээл ыытыллар. Дьаһал президент Владимир Путин сорудаҕынан барар уонна быйыл норуоттар ардыларынааҕы таһымнанна. Бэстибээл быйыл Россия 53 регионугар уонна Белоруссияҕа, Сирияҕа уонна Ираҥҥа тэрилиннэ.

Бэстибээли режиссер-документалист уонна уопсастыбаннай деятель Олеся Шигина тэрийбитэ. Киинэ, музыка уонна живопись хайысхаларынан Россия буойуттарын хорсун быһыыларын уонна Россия чэчирии сайдарыгар, кыайыы туһугар үлэ килбиэнин көрдөрөллөр.

«Куораттарга кэллэхпитинэ киинэлэри көрдөрүүгэ хаалларабыт, университеттары уонна былаһааккалары кытта үлэлиибит. Элбэх матырыйаал утары уунабыт. Ол эбэтэр «Кино на службе Отечеству» региоҥҥа хаалар, олоҕо манна салҕанар, онтон биһиги сылынан төннөн кэлэн туох эмэ эбиллиини көрөбүт. Онон биһиги бэстибээл каартатын кэҥэтэбит», — диэтэ программнай дириэктэр Ильдар Бурматов.

Хаартыска: Саргын Скрябин/ЯСИА

«Бэстибээл Дьокуускайга буолара, Уһук Илин регионнарга оруоллаах. Бырайыак ааптардара уонна айар дьон киинтэн ыраах сытар регионнарга болҕомтотун уурар. Ол аата биһиги биир кэлим дойдубут, онон норуоппут уонна дойдубут дьылҕатынан олоруохтаахпыт. Бэстибээл элбэх күүһү, кыаҕы биэрэригэр, дойдубут көмүскэлигэр турунууга, кыайыыга дьулуһууга, үтүө өрөгөйдүүрүгэр баҕарабыт », — диэтэ култуура миниистирэ Афанасий Ноев.

Бэстибээл кэмигэр анал байыаннай дьаһал туһунан киинэ көрүөххэ сөп, фронтовой режиссердары кытта көрсүһүүлэр, бэйиэттэри, музыканнары кытта кэпсэтиилэр буолуохтара. Холобур, аҕыс сиэрийэлээх «Отцы Донбасса» киинэ СВО зонатыгар уһуллубута.

Музыкант, байыаннай сулууспалаах Роман Метум бэлиэтээбитинэн, инники кирбиигэ сылдьааччылар, байыастар геройдуу быһыыларын, өбүгэлэрбит хайдах кыайыыны турууласпыттарын туһунан дьоҥҥо информация тириэрдэр олус суолталаах. Кини эппитинэн, бу үүнэр көлүөнэҕэ наадалаах.

«Оҕо эрдэхпиттэн музыканан дьарыктанабын. Ордук 2014 сыллаахха бу дьарыгым күүһүрбүтэ. Бастакы ырыаларым тахсыбыттара. Анал байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар ырыам элбээбитэ. Биһиги байыастарбытыгар музыка эмиэ өйөбүл буоларын өйдөөбүтүм, кинилэр бойобуой соруктарын толоро барыахтарын иннинэ музыканы истэллэр, бэйэлэригэр иҥэринэллэр. Бу олус суолталаах», — диэтэ кини.

Ю.А Гагарин аатынан аныгы искусство уонна култуура киинигэр худуоһунньук Виринея Шигина быыстапката тэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА