22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кэбээйигэ "Итэҕэл Сүбэ" буойун-поэт Тимофей Сметанин балаҕаныгар сырытта

14:01, 01 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэбээйи нэһилиэгэр улуустааҕы кыраайы уөрэтэр мусуойга Итэҕэл Сүбэ түмээччилэрэ сырыттылар. Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Александр Сивцев ыалдьыттарга туһаайан ыччат кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр, инникигэ эрэллээх, түмсүүлээх буоларыгар ыытар үлэлэригэр сүгүрүйэрин биллэрдэ.


Кэбээйитээҕи түмэл салайааччыта Итэҕэл Сүбэлэргэ улуус устуоруйатын, үөрэхтээһин, бырамыысыланнас сайдыытын, киэн туттар дьонун билиһиннэрдэ. Онтон Руфина Владимировна Сметанина оройуонолохтоохторун төрүт култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын, тыллларын-өстөрүн, дьарыктарын сэһэргээтэ.

«Биир дойдулаахпыт буойун-поэт Т.Е. Сметанин балаҕаныгар суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ сырдатылынна. Норуот маастара Елизавета Софронеева ыҥырыытынан кэлбит ыалдьыттарбыт Итэҕэл Сүбэ тэрийээччилэр Алгыстаах Апанаас уола Афанасий Друзьянов, Павел Валерьевич – Ойуур Байбал уонна да атыттар биһиги дойдубутун истэн-көрөн дуоһуйдулар, сэргээтилэр«, — диэн суруйда Венера Лугинова  https://www.instagram.com/dabaanmedia/.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА