22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сиригэр геологическай чинчийиини ыытыы көдьүүстээх

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 23 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штырову кытта көрсөн, Уһук Илин уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын тула кэпсэттилэр. Чуолаан Саха сиригэр бырамыысыланнас, тырааныспар, энэргиэтикэ инфраструктураларын сайыннарыы, геологическай чинчийиини ыытыы  көдьүүһүн тустарынан ырыттылар.  Кэпсэтиигэ хайа-байытар салаа боппуруостарын таарыйдылар. Вячеслав Штыров  Элгэҕэ сир баайдаах учаастагы туһаҕа таһаарыы тэтимнээхтик барарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, тохсунньуга хайа-байытар икки фабрика үлэҕэ киириэҕэ. Айсен Николаев быраамысыланнаһы уонна тырааныспары сайыннарыы биир ситимнээхтик барыахтааҕын эттэ. Элгэтээҕи сир баайдаах учаастак  Улак — Элгэ тимир суол утаҕын кыамтатын сылга 24 мөл. туоннаҕа диэри  улаатыннарар кыахтаныа5а. Туһааннаах хайысхаҕа Тиихэй Акыйааннааҕы тимир суолу  Охотскай муораҕа диэри тутуу бырайыага сүрүн оруолу ылара ыйылынна.

Тохсунньу 23 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Уһук Илин субъектарын салайааччылара кыттыылаах 2022 сыл түмүгүн таһаарар уонна 2023 сыл соруктарын туруорар мунньахха кытынна. Мунньаҕы вице-премьер Юрий Трутнев салайан ыытта. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, эрэгийиэн экэниэмикэтин үүнүүтэ уонна федеральнай киин өйөбүлэ социальнай эйгэ соруктарын быһаарыыга төһүү буолаллар. Кэлиҥҥи биэс сылга Саха сиригэр 269 социальнай эбийиэк – оскуолалар, ФАП-тар, уһуйааннар уо.д.а. тутулуннулар, ол иһигэр 2022 сылга 67 эбийиэк үлэҕэ киирдэ. Олортон 70 эбийиэк национальнай бырайыак көмөтүнэн тутулунна, ол иһигэр 2022 сылга – 15 эбийиэк. Хаарбах дьиэлэртэн 25,7 тыһ. киһи көһөрүлүннэ. Уһук Илиҥҥи уокурукка тарҕанар «Биир кэлим субсидия» бэрэсидьиэн бырагырааматынан Кардиологическай киин, «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер курдук 7 улахан эбийиэк үлэҕэ киирдэ.

«2023 сылга 70-тан тахса эбийиэк, ол иһигэр 12 култуура, 26 доруобуйа харыстабылын, 9 успуорт, 1 эбии үөрэхтээһин, 1 социальнай хааччыйыы эбийиэгин, 6 уһуйааны тутан, кэлиҥҥи биэс сылга муҥутуур көрдөрүүнү ситиһиэхтээхпит. Аҥардас быйыл 20-тэн тахса оскуоланы биир сылга тутан, үлэҕэ киллэрии хаһан да историяҕа бэлиэтэнэ илик», – диэтэ Айсен Николаев. Тэҥниир буоллахха, 2022 сылга 6 уһуйаан, 14 оскуола дьэндэйдэ.


Мунньахха Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, Саха сирин экэниэмикэтэ Уһук Илиҥҥи уокурукка валовай эрэгийиэннээҕи бородуукта кээмэйинэн инники күөҥҥэ сылдьар. Бырамыысыланнаска оҥорон таһаарар көрдөрүүбүтүнэн уокурукка бастакы, дойдуга ахсыс миэстэҕэ тахсыбыппыт. Бырамыысыланнас үүнүүтүн тэтимэ 110,6 % тэҥнэһэр. Инвестиционнай килиимэт туругунан национальнай рейтиҥҥэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка иккис миэстэҕэ сылдьар. 2022 сылга 471 млрд солк. кээмэйдээх инвестиция угулунна. Бу иннинээҕи сылтан 5,1% элбэх.

Тохсунньу 24 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев  Казахстаҥҥа дьыалабыай сырыытын кэмигэр, Казахстан  Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытары көрүстэ. Кэпсэтии эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы, бииргэ үлэлээһин тула барда. Касым-Жомарт Токаев Казахстан  Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Арассыыйа Федерацията сыһыаннаһыыларыгар ураты болҕомто уурулларын эттэ. Былырыын  Оренбург куоракка  Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлээһиннэригэр XVIII эрэгийиэннээҕи форумҥа икки дойду бэрэсидьиэнэ кыттыбытын санатта. Казахстан бэрэсидьиэнэ саха норуотун чулуу уола Максим Аммосов аатын чорботон бэлиэтээтэ, ааспыт үйэ 30-с сылларыгар үс уобаласка обком сэкиритээринэн үлэлээбит кэмнэрин аҕынна.

Касым-Жомарт Токаев  Казахстан уонна Саха сирин икки ардыгар атыы-эргиэн кээмэйэ улааппытын итиэннэ стратегическай суолталаах сүрүн хайысхалары сэргэ экэнэмиичэскэй уонна гуманитарнай бииргэ үлэлээһин сайдыахтааҕын туһунан эттэ.  Тутаах хайысха быһыытынан атыы-эргиэн, инновация эйгэтин,  ИТ-салааны холобурга аҕалла. Кини Казахстаҥҥа  Саха сирин култууратын күннэрин ыытарга этии киллэрдэ.

Айсен Николаев бэлиэтээн эппитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа Федерациятын быстыспат сорҕото буоларынан, атыы-эргиэн, экэниэмикэ, гуманитарнай, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыны кэҥэтэргэ бэлэмин, креативнай индустрияҕа, ИТ-салааҕа холбоһуктаах бырайыактар олоххо киирэллэрин, саха киинэтин Каазахстаҥҥа билиһиннэрэллэрин,  фестивалларга кытталларын аҕынна. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Казахстан университеттарын кытары үлэлэһэрин эттэ. Мас-рестлиҥҥэ Казахстаҥҥа федерация баарын, успуорт төрүт көрүҥүн тарҕатарын, Казахстан «Азия оҕолоро» оонньуулара тэриллиэхтэриттэн көхтөөхтүк кыттарын, 2024 сыллааҕы сайыҥҥы оонньууларга эдэр спортсменнары Дьокуускайга ыҥырда. Казахстаҥҥа Саха сириттэн төрүттээх биир дойдулаахтар диаспоралара билигин таһаарыылаахтык үлэлиир.  Онтон Саха сиригэр  Казахстаннааҕы «Алатау» уопсастыбаннай түмсүү баар.

Тохсунньу 24 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа тас дойдуларга министиэристибэтин ураты сорудахтарга посола, Арктика сэбиэтин үрдүкү дуоһунастаахтарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Корчуновы кытта көрсүһүүтүгэр Дьокуускайга бу сыл кулун тутарыгар ыытыллыахтаах килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы конференцияҕа бэлэмнэнии туһунан кэпсэттилэр. Тэрээһин Арассыыйа Арктика сэбиэтигэр 2021-2023 сылларга бэрэссэдээтэллиирин чэрчитинэн  былааҥҥа киирбит. Учуонайдар уонна экспертэр килиимэт хотугу дойдулар уонна эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар сабыдыалын, экологическэй кэтээн көрүү уонна сылыктааһын, тулалыыр эйгэҕэ кутталлаах дьайыыны намтатар кэскиллээх технологиялар туһунан дьүүллэһиэхтэрэ. Эдэр чинчийээччилэргэ форум, биллэр учуонайдар лиэксийэлэрэ буолуоҕа. Саха сирин көҕүлээһининэн тэриллибит Арктиканы чинчийиигэ Араассыыйа-Азия консорциумун былаһаакката ыытыллыаҕа. Ити консорциумҥа 13 сүрүн үрдүк үөрэх кыһата, наука тэрилтэлэрэ Арассыыйаттан уонна Азиая-Тиихэй акыйаан эрэгийиэнин дойдуларыттан киирэллэр.

Тохсунньу 24 күнэ. Дьокуускайга Национальнай художественнай музейга Ил Дархан кубогар саахымакка күрэхтэһии – Арассыыйа кубогын түһүмэҕэ  саҕаланна. Саахымакка маннык үрдүк статустаах тэрээһин Саха сиригэр аан бастаан ыытыллар уонна Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар анаммыт бу сылга бастакы улахан түһүлгэ буолар.

Кубок кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара – аатырбыт саахыматчыттар, гроссмейстердэр уонна судьуйалар. Кинилэр ортолоругар Арассыыйа кубогын хаһаайына, гроссмейстер Борис Грачев, эдэрдэргэ Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ, гроссмейстер Михаил Кобалия, саамай эдэр гроссмейстер 16-лаах Володар Мурзин бааллар. Бу күрэхтэһии биһиэхэ ыытыллыыта Саха сиригэр саахымат сайдыытыгар, олохтоох саахыматчыттар маастарыстыбаларын, таһымнарын үрдэтиигэ төһүү буолуоҕа.


Тохсунньу 25 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр ыччаты эҕэрдэлээтэ. Устудьуон сыллара эдэр саас умнуллубат түгэннэрэ буолалларын сэргэ бу билиини, сатабылы баһылыыр, киһи, личность быһыытынан үүнэр-сайдар эппиэтинэстээх кэмэ буолар. Онуоха эдэр дьоҥҥо дойдуга бэриниилээх буолууга, үгэс буолбут олох сыаннастарыгар олоҕуран инникилэрин түстүүллэрэ суолталааҕын эттэ. Саха сирин устудьуоннара үөрэххэ, наукаҕа, успуортка ситиһиилээхтэрин, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтөрүн, социальнай бырайыактарга кытталларын бэлиэтээтэ. Дойду, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын таһаарыылаах үлэлэринэн, сонун идеяларынан киллэрэр специалист буолан тахсалларыгар эрэнэрин эттэ. Ыччат үөрэнэригэр, кыаҕын, талаанын арыйарыгар анаан өрөспүүбүлүкэҕэ усулуобуйа тэриллэр диэтэ.

Тохсунньу 26 күнэ. Айсен Николаев Казахстаҥҥа дьыалабыай сырыытын түмүктээтэ. Ил Дархан дьыалабыай сырыытын кэмигэр Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын, ону таһынан кэккэ министиэристибэ салайааччытын, ол иһигэр индустрия уонна инфраструктура сайдыытын миниистирэ Марат Карабаевы, цифровой сайдыы, инновация уонна аэрокосмическай бырамыысыланнас миниистирэ Багдат Мусины, култуура уонна успуорт миниистирэ Асхат Ораловы кытары көрүстэ.

Айсен Николаев Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирэ Алихан Смаиловы уонна вице-премьердэр Серик Жумангарины, Галымжан Койшыбаевы кытары көрсөрүгэр атыы-эргиэн хайысхатыгар бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү, инвестицияны тардыы, култуурунай-гуманитарнай эйгэ, чуолаан, кинематография боппуруостарыгар икки өттүттэн интэриэстээхтэрин үллэһиннилэр. Айсен Николаев цифровой технология хайысхатыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ итини таһынан экэниэмикэ араас салаатыгар саҥа инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ улахан кыах баарын бэлиэтээтэ. Дьыалабыай сырыы түмүгүнэн Хотугу Казахстан уобалаһын Акиматын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын икки ардыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ атыы-эргиэн, тыа хаһаайыстыбатын уонна бырамыысыланнас эйгэтигэр барыстаах этиилэри дьүүллэстилэр. Дэлэгээссийэ үлэтин кэмигэр Саха сирэ уонна Казахстан научнай эйгэҕэ, чуолаан, геокриология, наукаҕа чинчийиилэргэ уонна сылгыны үөрдээн иитиигэ уһун болдьохтоох хайысхаларга бииргэ үлэлээһин бигэргэннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Казахстаҥҥа дьыалабыай сырыытын кэмигэр, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытары көрсөрүгэр инникитин даҕаны сибээс бөҕөргүүрүгэр нтэриэстээхтэрин эппиттэрэ. Касым-Жомарт Токаев бэлиэтээбитинэн, Казахстан дириҥ историческай силистээх уонна ыкса култуурунай ситимнээх Саха сирин кытары бииргэ үлэлииргэ улахан болҕомтотун уурар.

Тохсунньу 27 күнэ. Айсен Николаев Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ Кировскай куораты сөргүтүү боппуруоһугар суһал ыстаап мунньаҕын ыытта.  Кировскай инфраструктуратын урусхаламмыт эбийиэктэрин бэрт кутталлаах усулуобуйаҕа чөлүгэр түһэриигэ, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга кыттыбыт уонна үлэлэһэр Саха сирин олохтоохторугар махтанна.

«Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сирэ Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр олоҕу сөргүтүүгэ ыыппыт үлэтин үрдүктүк сыаналаата, бу үлэҕэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарын бэлиэтээтэ», — диэн биллэрдэ.

«Дойдубут сүрүн соруктара билигин бойобуой дьайыы буола турарыгар быһаарыллара өйдөнөр. Ол эрээри биир тутаах хайысханан саҥа эрэгийиэннэргэ дьон олоҕун тупсарыыга, урусхалламмыт нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэриигэ буолар. Төһөнөн түргэнник дьон олоҕун тупсарарбытыттан бу саҥа эрэгийиэннэрбит Арассыыйаны кытта бииргэ сайдаллара тутулуктаах. Бу сорук олус улахан суолталаах», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

2022 сыл сааһыгар Саха сирэ Кировскай куораты сөргүтүүгэ ылбыт эбэһээтэлистибэтин 2023 сылга салгыы ыытыаҕа. Быйыл бу үлэни алтынньыга тэриллибит киин сүрүннээн ыытыаҕа.

Тохсунньу 29 күнэ. Айсен Николаев «Судургу тылынан» диэн ааттаах подкаст быһыытынан ыытар биэриитин  саҥа таһаарыыта  таҕыста. Бу сырыыга кини Томскайдар уонна Бочковскайдар педагогическай династияларын тустарынан кэпсээтэ. Бу династиялар хас биирдиилэрин уопсай ыстааһа 500 сылга тэҥнээх. Саха сирин үөрэҕин эйгэтигэр араас кэмнэргэ бу дьиэ кэргэттэр 63 бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээбитэ.

Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА