Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан, Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх Туйара Устиноваҕа үрдүк аат — «Герой Ийэ» иҥэриллибитин өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бэйэтин Мах-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Туйара Устинова кэргэнинээн Сергей Анатольевичтыын холбоон уон оҕону иитэн таһаарбыттара — биэс уолу уонна биэс кыыһы. Билигин Туйара Петровна 13 сиэннээх.
«Бу дьиэ кэргэн устуоруйата — утум салҕаныытын сэдэх холобура: Туйара Петровна эбэтэ Елена Петровна Новикова уонна ийэтэ Татьяна Никифоровна Новикова хас биирдиилэрэ уон биирдии оҕону иитэн таһаарбыттар, иккиэн «ССРС Герой Ийэ» ааты сүкпүттэр. Биир дьиэ кэргэн үс көлүөнэтэ, үс Герой Ийэ — бу дьиҥнээх таптал уонна оҕолоругар эппиэтинэс күүстээх устуоруйата», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
30-тан тахса сыл устата Туйара Устинова оҕолору кытта үлэлээбит, төрөөбүт нэһилиэгэр элбэҕи оҥорор, дьиэ кэргэттэргэ уонна эдэр ийэлэргэ көмөлөһөр. Кини оҕолоро дьоһун дьон буолан улааппыттар, үлэлииллэр, сулууспалыыллар, бэйэлэрин оҕолорун иитэллэр уонна дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин салгыыллар.
Амма улууһун Эмис нэһилиэгин олохтооҕо Арассыыйа Федерациятын «Герой Ийэ» аатын ылбыт иккис саха дьахтарынан буолла.
«Үрдүк наҕарааданан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, оҕолоргутун, сиэннэргитин кытта дьоллоох күннэр өссө элбии туралларыгар баҕарабын!» — диэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.



