Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэрин Ил Дархан Харыйатыгар эҕэрдэлиэхтэрэ. Бырааһынньык ахсынньы 25 күнүгэр онлайн-эрэһиимҥэ ыытыллыаҕа. Ол туһунан үөрэх министиэристибэтиттэн отдел салайааччыта Ольга Яшина Instagram-ҥа иһитиннэрдэ, суруйар СИА.
“Быйылгы Ил Дархан Харыйата ураты киэбинэн ыытыллар. Билигин стипендиаттары талыы барар. Сылын аайы 700 бастыҥ оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи, Россиятааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга, спортивнай күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга ситиһиилэммиттэр 25 тыһ солк суумалаах биир кэмнээх стипендия ылаллар. Харыйа бырааһынньыгын кэмигэр араас тэрээһиннэргэ кытталлар, Ил Дарханы кытта сирэй көрсөллөр”, — диэтэ Ольга Яшина.
Санаттахха, Саха сирин баһылыгын Харыйата 1998 сылтан ыытыллар уонна өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэригэр кэтэһиилээх бырааһынньык буолар. Бу сыллар устата 15 тыһыынча оҕо кыттыыны ылла.