23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хаҥалас Ойугар оҕолорго оонньуур былаһааккалары бэлэх оҥордулар

11:30, 02 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаҥалас оройуонун Нөмүгү нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата Оҕо көмүскэлин күнүгэр кырачааннарга анаан бэртээхэй бэлэҕи оҥордо.


Бэс ыйын 1 күнүгэр нэһилиэккэ биэс оҕо оонньуур былаһаакката арылынна. Онтон биирэ былырыын тутуллубут Ийэ скверин таһыгар туруорулунна.

«Биһиги сүрүн сорукпутунан оҕо таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа оонньууругар усулуобуйаны тэрийии буолар. Тупсарыныы сылыгар олорор сирбитин-уоппутун тупсаҕай көрүҥнүүргэ күүстээх үлэни ыытабыт«, — диэн кэпсиир баһылык Максим Васильев.

Былаһааккалары тутууга уонна туруорууга олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар.

«Биһиги оҕолорбут көҥүллүк оонньуур сирдэммиттэригэр олус үөрдүбүт. Сотору кэминэн бэйэбит күүспүтүнэн беседкалары туруортуохпут, тулалыахпыт, футбол былаһааккатын тэлгэтиэхпит, күһүн мас олордуохпут«, — диэн «Эргис» микрооройуон салайааччыта Инна Михайлова санаатын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА