22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Элгээйилэр олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматыгар кыттыахтара

15:58, 24 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматын чэрчитинэн Элгээйигэ 2017 сыл сэтинньитигэр уонна ахсынньытыгар олохтоох дьаһалта нэһилиэнньэҕэ, тэрилтэлэргэ киэҥ ыйытыы ыыппыта, ол түмүктэринэн 2018 сылга үлэлиэхтээх бырайыактары оҥортообута.


Соторутааҕыта “Оһуор” култуура киинигэр бу куонкуруска кыттыы туһунан мунньах тэриллибитэ, барыта 228 киһи кыттыыны ылбыта.

Элбэх этии кэннэ, көннөрүүлэри уонна чопчулааһыннары учуоттаан, бүтэһик уһугар икки элбэх куоластаах бырайыагы олоххо киллэрэргэ сөбүлэспиттэрэ. Ол курдук нэһилиэккэ тыраахтыр наадатын туһугар 89 киһи куоластаабыт, сайыҥҥы уунан хааччыйыы систиэмэтин тардыыга 93 киһи куолаһын биэрбит.

Бырайыактары үбүлээһин сорох бырыһыана олохтоох нэһилиэнньэттэн хомуллара ирдэнэр. Ол аата туруорсар боппуруостарын быһаарыытыгар бэйэлэрин кылааттарын эмиэ киллэриэхтээх диэн. Мунньахха кэлбит 228 киһи бары сөбүлэстилэр, олохтоох дьаһалта эмиэ бэйэтин бүддьүөтүттэн уопсайа 300 тыһыынчаны ити икки бырайыакка тыырыан сөбүн иһитиннэрдэ.

Муннах түмүгүнэн уу систиэмэтигэр – 110 тыһ. солк., тыраахтырга – 205 тыһ. солк. нэһилиэнньэ көмөтүнэн хомуллар кыахтааҕа бигэргэннэ.

Билигин көҕүлүүр бөлөх уонна олохтоох дьаһалта бу олус туһалаах бырагыраамаҕа кыттарга ирдэнэр докумуоннары толоро сылдьар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА