Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр III төгүлүн «Тобуруокап көмүс күһүнэ» хоһоон көҥүл түһүлгэтэ саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап уһаайбатыгар арылынна, диэн улуус дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Бу түһүлгэҕэ 2 күн устата өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан айар куттаахтар түмсэннэр хомоҕой хоһооннорун ааҕан, сынньанан, күөн күрэхтэһэн ыалдьыттыахтара.
Быйылгы тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан, уопсайа 13 улуустан хоһоонньуттар муһуннулар.
Дьокуускай куораттан ыҥырыылаах ыалдьыттар: саха норуотун суруйааччыта Н.В. Михалева — Сайа, тыл билимин дуоктара В.Б. Окорокова хоһоонньуттары эҕэрдэлээтилэр.
Ону тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан улуус баҺылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова бэйэтэ айбыт хоһоонунан «Тобуруокап көмүс күһүнэ» хоһоон түһүлгэтин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Бары кыттааччылары, мустубут ыалдьыттары ытык Нам сиригэр нөрүөн-нөргүй тылынан Нам нэһилиэгин баҺылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай көрүстэ.
Бүгүн 18:00 чаастан Бүлүү эбэ биэрэгэр «Сэмэнээс Даркылааҕар» сыа балыкка муҥха, айылҕаҕа сынньалаҥ киэһэтэ ыытыллар. Сарсын, балаҕан ыйын 7-с күнүгэр «Түөрт строка» хоһоон айыытыгар уонна хоһуйсууга күрэх тэриллэр.