15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Дыгын оонньууларын сулустара олунньу 1 - 2 күннэригэр Бороҕоҥҥо мусталлар

16:01, 10 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Уус Алдан улууһа национальнай многоборьеҕа чемпион Кубогын ыытарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии Дыгын оонньууларыгар икки сүүмэрдиир түһүмэҕинэн буолар. Спортсменнар сулус састааптара кыттара былааннанар, ол иһигэр Леонид Филиппов, Алексей Уваровскай уонна Вячеслав Дьяконов, суруйар ЯСИА.

«Кубок олунньу 1–2 күннэригэр Бороҕоҥҥо Николай Тарскай спорткомплексыгар буолара былааннар. Баҕалаах спортсмен бары кыттар, Дьокуускайга бастакы түһүмэххэ кыттыбыттар эмиэ. Күрэхтэһии түмүгүнэн Дыгын оонньууларыгар рейтинг баалын хомуйуохтара», — диэтэ ЯСИА-ҕа национальнай многоборьеҕа Федерация толорооччу дириэктэрэ Иван Белолюбскай.

Дыгын оонньууларын кыайыылаахтара Леонид Филиппов, Алексей Уваровскай, Вячеслав Дьяконов, национальнай многоборье сулустара Николай Матаннанов, Айсен Ботуев, Артём Дьяконов, Борис Сдвижков, Яков Дмитриев, Владимир Шологонов, Павел Друзьянов, Алексей Созонов, Айсен Семёнов уонна да атыттар Кубок былдьаһыахтара.

Санаттахха, бастакы түһүмэххэ 56 спортсмен кыттыбыта, кыайыылааҕынан Николай Матаннанов Тааттаттан буолбута.

Иккис түһүмэххэ спортсменнар национальнай ыстаҥаҕа, тутум эргииргэ, мас-рестлинҥэ, оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна таас көтөҕөн хаамыыга киирсиэхтэрэ. Кыайыылаахтар уонна призёрдар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА