22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону саҥалыы таһаарыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбыннаһын, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин национальнай библиотекатыгар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо саҥа таһаарыытын презентацията буолуоҕа. Олоҥхону толору хат таһаарааһыны Саха АССР 100 сылыгар аныыллар.

Айымньы 1500 экземплярынан тахсыаҕа, сүрүн өттө муниципальнай библиотекаларга, оскуолаларга уонна култуура тэрилтэлэрин икки ардыларыгар түҥэтиллиэҕэ, диэн иһитиннэрэр өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

«Олонхо-биһиги төрүт култуурабыт уонна баай тылбыт чөмчүүгэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхону чөлүгэр түһэрии уонна сайыннарыы үс сүрүн хайысханан ыытыллар. Олортон биирдэстэрэ — Олоҥхо текстэрин, монографиялары, хомуурунньуктары, ыстатыйалары оҥоһууга, Саха героическай эпоһын үөрэтии проблемаларыгар уонна аан дойду норуоттарын тылларын уһулуччулаах пааматынньыктарын тылбаастааһыҥҥа ыытыллар былааннаах үлэ», — диэн бэлиэтээн эттэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Платон Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» монументальнай эпоһа Саха литературатын классига төрөөбүтэ 110 сылыгар 2003 сыллаахха  оригинал тылынан аан бастаан бэчээттэммитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА