22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга Можайскай уулуссатыгар саҥа "кольцевой" баар буолла

11:01, 02 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга ГИБДД пуоһун таһыгар саҥа «кольцевой» арахсыы суол оҥоһулунна. Можайскай уулуссатын өрөмүөнэ алтынньы бүтүүтэ түмүктэнэр, кыраапыктарын иннигэр. Уулусса икки килэмиэтир учаастагы хабар, Пилоттан Стродка диэри, ол туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников телеграм-ханаалыгар суруйда.

«Ааспыт сылга бу уулуссаҕа инженернай коммуникациятын уларыппыттара уонна буорун саҥардыбыттара. Быйыл «кольцевой» суол арахсыытын оҥордулар, ааспыт субуотаттан аспааллааһын саҕаланна. Уулусса түөрт балаһаҕа тиийэ кэҥиир», — диэтэ кини.

Маны сэргэ Можайскай уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн кылгас учаастакка барар, Севастопольскайтан 50 лет Октября Автострадаҕа диэри.

Садовников эппитинэн, «Безопасные качественные дороги» нацбырайыагынан Дьокуускайга 21 эбийиэк саҥардыллар, уопсай уһуна 31 килэмиэтир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА