27 Кулун тутар 27.03
  • -9°
  • $ 82,13
  • 95

Денис Белозеров: Мүөттээх ыҥырыаны иитии – Саха сиригэр инникилээх хайысха

11:01, 16 декабря 2019
Читайте нас на

Мүөттээх ыҥырыаны иитии Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар биир инникилээх хайысха буолуон сөп. Үлэ көрдөрүүтэ сылын аайы улаатар, диэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Денис Белозеров эттэ.


«Мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаныы – дохуоту киллэриигэ биир кэскиллээх хайысханан буолар диэн сыаналыыбыт. Билигин мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ тирэх хаһаайыстыбалары тэрийиигэ күүстээх үлэ барар. Мүөтү 20 туоннаҕа тиийэ хомуйар сыал-сорук туруоруллар. Дьааҥы улууһугар кытта бу хайысхаҕа үлэ саҕаланна», — диэтэ Денис Белозеров.

Кини бэлиэтээбитинэн, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 250 ыҥырыа дьиэ кэргэнэ баара, биир сылынан ити сыыппара 450 тэҥнэспитэ. Оттон мүөтү хомуйуу 2018 сылга — 3 туонна, билигин 5 туоннаны куоһарбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА