22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

“Демография” бырайыак Саха сиригэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр

Поповтар дьиэ кэргэн. В.Спиридонова хаартыскаҕа түһэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2019 сылтан Арассыыйаҕа “Демография” национальнай бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак, аата да этэрин курдук, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр, чэгиэн-чэбдик олоҕу сырдатар, көхтөөх уһун үйэлэниини, дьарыктаах буолууну тарҕатар сыаллаах.

“Демография” национальнай бырайыак иһинэн биэс эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Бу бырайыактартан иккитин СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.

“Оҕолоох ыаллары үбүнэн өйөөһүн” эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр 54,5 тыһыынча дьиэ кэргэн оҕо төрөөбүтүгэр көмөнү ылбыттар. Бу манна оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биирдэ бэриллэр уонна ыйдааҕы төлөбүрдэр (ол иһигэр, Ийэ хапытааллара) киирэллэр. 2022 сылтан “100 сыл оҕолоро” хапытаал олохтоммута, суумата – 105 тыһыынча солкуобай.

Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыыга миэрэлэр ылыллаллар. Ол курдук, биэстэн элбэх оҕолоох ыалларга дьиэ сэртипикээтэ бэриллэр. Үстэн элбэх оҕолоох ыаллар босхо учаастактан аккаастанар түгэннэригэр, 200 тыһыынча солкуобай бэриллэр.

Бу маннык сыаллаах бэлиитикэ ыытылларын түмүгэр, дойду үрдүнэн төһө да “демография дьаамата” баарын үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ демографическай көрдөрүүлэр куһаҕана суохтар.

Оттон “Аҕам саастаах көлүөнэ” эрэгийиэннээҕи бырайыак аҕа көлүөнэ дьон олохторун хаачыстыбатын тупсарар, өйүүр, көхтөөх уһун үйэлэниини көҕүлүүр сыаллаах.

Бырайыак чэрчитинэн, социальнай өҥөлөрү оҥорор судаарыстыбаннай уонна судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэр үлэлииллэр, бэтэрээннэр сонотуоруйга-куруорка баран эмтэнэллэрэ-сынньаналлара тэриллэр, соҕотох олорор кырдьаҕастары уонна 1-кы, 2-с группалаах инбэлииттэри көрө-харайа ылар дьиэ кэргэттэри элбэтэр судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама иитинэн соҕотох олорор 228 киһи дьиэ кэргэн сылаас эйгэтин биллэ.

“Аҕам көлүөнэ” бырайыак чэрчитинэн, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ саҥа дьиэлэр тутуллаллар. 2021 сыллаахха Кэт Марсден аатынан Бүлүүтээҕи кырдьаҕастар, инбэлииттэр анал дьилэрин 150 миэстэлээх куорпуһа тутуллубута. Быйыл Өлүөхүмэҕэ кырдьаҕастары, инбэлииттэри социальнай хааччыйыы дьиэтин 200 миэстэлээх куорпуһа тутулунна.

2023 сылга маннык социальнай эбийиэктэри тутуу салҕанар. Нам улууһугар кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ тутулла турар. Маны тэҥэ, быйылгыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр кырдьаҕастар, инбэлииттэр 51 миэстэлээх интэринээт-дьиэлэрин тутуу саҕаланыаҕа.

Бу барыта “Демография” национальнай бырайыактан үбүлэнэр, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын олоҕун чэпчэтэргэ, тупсарарга туһуланар.

Источник: «Саха сирэ» сайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА