Булуҥ улууһугар ынах сүөһүнү иитэр соҕотох Бороҕон нэһилиэгэр бааһынай хаһаайыстыба баар. Салайааччы Роман Бурцев сүөһү иитиитинэн эдэр сааһыттан дьарыктанар. 2003 сыллаахтан бэйэтин хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлиир.
«Окко киирээри бэлэмнэнэбит. Хойутаан эрэбит. От ыйын 15 күнүттэн оттооһуну саҕалааччыбыт. Быйыл дьыл тымныы буолан от бытааннык үүнэр. Онон тардылынныбыт. Кыстыгы туоруурга 60-ча тонна от наада. Эҥэ күөл, Чорохойдоох сыһыыларынан оттуубут, барыта илии үлэтэ. Тэрилбит бэлэм», — диэн кэпсиир Роман Бурцев.
Хаһаайыстыба 27 сүөһүлээх, ыанар ынаҕа 12. Түөрт үлэһит баар. Бары саастаах дьон. «Билигин урукку курдук буолбатах. Эдэр дьон сүөһүгэ сыстыбат. Ол иһин чааһынай да ыалга, хомойуох иһин, ынах сүөһү аҕыйаан иһэр», — диир хоту сиргэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар үлэһит киһи.
Судаарыстыбаттан көрүллэр өйөбүлү кэмиттэн кэмигэр туһанар, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлиистэригэр махтанар.
Бороҕон нэһилиэгэ кырыы сытар буолан, хаһаайыстыба тэринэргэ ыарахаттардаах. Тырааныспар ороскуота, сылын аайы үрдүү турар уматыгы кытта тэҥҥэ, кыһалҕалары үөскэтэр. «Сүөһү төбөтүн элбэтиэ этибит да, мэһэй элбэх. Хоту сүөһүнэн дьарыктанар дьоҥҥо ордук эдэр сүөһүнү элбэтиигэ төбөтүгэр эбии көмө харчы көрүллүүтүн үөрэтэн көрөллөрө буоллар», — диэн Роман Бурцев санаатын этэр.